Перевод с якутского
айгыһын
туохтуур
Нууччалыы двигаться очень медленно, без суеты, спокойно; быть медлительным
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Туохха да тиэтэйбэккэ, аралдьыйбакка уонна түбүгүрбэккэ бытааннык, холкутук хамнан (хол., хомун, айаннаа, аһаа-сиэ)
Нууччалыы Двигаться очень медленно, без суеты, спокойно; быть медлительным
Эмээхсин дьиэтин диэки сэниэтэ суохтук хааман айгыста турда. М. Доҕордуурап - Чэ, чэ, ээх айгыстыма. - Һай-һай, - диэн Витя тиэтэттэ. Ынах онно ымыттыбата, хонуу отун ахсарбатахтык “тур-тар” тардан көрдө, онтон дьэ аргыый хааман айгыһынна. Н. Заболоцкай Аа-дьуо таҥнан айгыһынна, Оргууй ахан оҥостон нусхайда
Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (1)
Онтон-мантан тардыллан, бүтэн биэрбэккэ, уһаа-тэний, барыах буоллар барыма. Θ Мешкать, медлить, задерживаться, долго собираться. Бүөтүр от тиэйэ барыахтааҕа да, кини киһи айгыстан, онтун-мантын булумуна, хачымахтанан баран, дьэ тэринэн аттаммыта Н. Якутскай
2 туохтуур #
Улаатымсыйан, дархаһыйан, соруйан күүттэрэрдии бытаар
Нууччалыы Быть медлительным, церемонным; демонстративно мешкать, медлить, заставлять ждать себя
Атыыһыт, өр соҕус көһүттэрэн баран, утуйар хоһуттан айгыстан тахсар. Н. Якутскай Били куораттан тахсан иһэр диэн өртөн сураҕырбыт, кэтэһиннэрбит ыспыраанньык тойон бэйэтинэн бу айгыстан тиийэн кэлбитэ Н. Заболоцкай
3 туохтуур #
Төттөрү-таары элбэхтик кэл-бар, тиэһин (үксүгэр элбэх киһи кэлиитин-барыытын, былыргы обуос, көтөл айанын этэргэ)
Нууччалыы Часто ходить, ездить (обычно толпой или громоздким обозом)
Атахтаах айгыстыбыт, тиҥилэхтээх тибилийбит.
П. ОйуунускайТимир иҥэһэлээхтэр тиэстибиттэр, алтан иҥэһэлээхтэр айгыстыбыттар - омук-омуктан, улуус-улуустан бары мустубуттар. Саха фольк Хас да сыл сырдык эрэллээх бу дьиэҕэ айгыстан тиэстибитэ. Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
Адаар эт тиэйиилээх, Арыы-сүөгэй кэлгиэлээх, Айгыстар сүүнэ обуоһу Аллаҥҥа анаатылар С. Васильев
4 туохтуур #
Киэҥ сиринэн тайаан сириэдийэн, ньир-бааччы, дьоһуннук олохсуй
Нууччалыы Обосноваться солидно, крепко; иметь крепкое хозяйство, пускать глубокие корни. [Сынаҕы баай] бүгүн мин суон сурахпын сууйаары Ол алта маҥан туос ураһанан Айгыстан түһэн олорор
Быр курдук, маанытык, дьиҥ куораттыы айгыстан ахан олорор ыал эбит Н. Габышев Оҥостон, аҥнан-бохтон тугу эрэ оҥор. Θ Заниматься каким-л. солидным делом; делать что-л. с предварительно подготовившись. Мин сир солоон айгыстыбатах киһибин. М. Доҕордуурап Аан-дархан алгыһы Алҕанаары айгыһынным. А. Софронов
Өссө холобурдар (1)
Мин эмиэ дьахтар буолан, оҕо төрөтөн сылдьыбытым, бу эн курдук айгыстыбат этим Эрилик Эристиин
5 туохтуур #
Дьоһуннук, дэлэгэйдик нэлэһий (улуу өрүстэр, күөллэр, алаастар, аартыктар тустарынан)
Нууччалыы Раскинуться, простираться широко (о больших водоемах, трактовых дорогах)
Арҕаа диэки өттүн одуулаан турдахпына - Аҕыс үөстээх Араат байҕаллаах эбит, Аҕыс күннүк сиртэн Аарыгыра-айдаара, айгыста турар эбит. Ньургун Боотур. Мин үйэм улуу хорук тымырдара буолан, Айгысталлар аараан аартыктар. С. Данилов Күн ыраас уутун сүүрүккэ биэрэн Айгыста сытар эбэбит Лена. И. Чаҕылҕан Оһуор-дьарҕаа ойуу сапта Айгысталлар, ону тэлгэнэ, Аҥаат-муҥаат алаастар И. Эртюков
6 туохтуур #
Дьоһуннанан, оҥостон, сорунан айаннаа, кэл-бар
Нууччалыы Серьезно подготовившись, ехать, идти куда-л. со специальной целью
Эмиэ хайа тойоммут айгыстан, аарыгыран кэллэҕэй? - дии-дии Андриан түннүгүнэн көөртө, Никифоров кинээс уолунуун кэлбиттэр. М. Доҕордуурап Туора улуус биллэр баайа үөрэхтээх уолунуун айгыстан кэлэннэр көмүһү ыйыттардылар. И. Гоголев Күһүн от үлэтэ бүппүтүн кэннэ, бото болдьох туолан, Төҥкө уолунаан Таакалаахха иккиһин айгыстан кэлэллэр Р. Кулаковскай