ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кынаттан

Нууччалыы достигнуть зрелости - возможности летать, опериться

Ис хоһооно · 6

1 #

кынаттаа 1 диэнтэн бэй. туһ. Ат -- сытар ынах ханнын саҕа хара тааһы логлу тэбэн кэбистэ да, сиэлинэн, кутуругунан кынаттанна да, көтөн куугунаан истэ. Ньургун Боотур. [Сиэллээхэп] түүн түһээн: эмиэ куораттаата, Түптэҕэ түһэн ылаттаата, Эмиэ да кынаттанан, Өлүөнэни үрдүнэн көтүтэлээтэ. С. Васильев

2 #

Кынаттарыҥ куорсуннара ситэн, көтөр кыахтан (көтөр оҕолорун туһунан)

Нууччалыы Достигнуть зрелости - возможности летать, опериться (о птенцах)

  • Биир көҕөн оҕото, саҥардыы аҕай кынаттаммыт барахсан, окко кирийэн, саһа сатаан-сатаан баран, тулуйбакка, өрө көтөн талыгырайан таҕыста.
    Н. Заболоцкай
  • Үөннэр-көйүүрдэр бастаан сымыыттыыллар, онтуларыттан үөн тахсар, онтон үөн хаҕыран хаалан баран, дьэ харахтанан, кынаттанан тахсар.
    Күндэ
  • Тигээйи айаҕа суох, ол иһин аһаабат. Кынаттаныан иннинээҕи үөскэҕэр мунньуллубут аһылыгын бэссэтибэлэрэ бүтүөр диэри эрэ тыыннаах сылдьар.
    БК БК

3 #

Сит, улаат, сүһүөххэр тур

Нууччалыы Повзрослеть, встать на ноги, опериться

  • Мин улааттым, кынаттанным! Мин көтөбүн, барабын! Аны хаһан эргиллэн кэлэммин куораппын, эйигин көрөрүм биллибэт.
    Н. Якутскай
  • [Анфиса - Аркадийга:] Атаһыам, мин хаһан кынаттаммытым да, көҥүл көтөр буолан, көтөн хаалбытым
    Н. Габышев

4 #

Түргэнник бар, тиий, тарҕан (санаа, сурах о. д. а. тустарынан)

Нууччалыы Быстро дойти, донестись; распространяться, разноситься (о мысли, новости и т. п.)

  • Санаам миэнэ кынаттанан Саха сиригэр тиийдэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Үтүө сурах сатыы хаамар, Хобдох сонун кынаттанар. Айталын. [Кинээс] Чаанньык [киһи хос аата] дьиэтин үрэйтэрбитин туһунан кэпсээн кынаттанан көттө, уолуйуу, сэтэрээһин бөҕө буолла
    М. Доҕордуурап

5 #

Үөр-көт, өрө көтөҕүлүн, күүр

Нууччалыы Радоваться, быть в приподнятом настроении; вдохновиться, окрылиться

  • Кыайыынан кынаттанан үлэ-хамнас өрө күүрбүтэ. ОСИ ОУу. Райком бастакы сэкирэтээрин кэбиниэтиттэн-- санаата көнөн, күүһүгэр күүс эбиллибит курдук буолан, кынаттанан тахсыбыта. ПДН ТБКЭ. Бу бэйэлэрэ тустаах дьарыктаах дьон самодеятельноска үтүө баҕаларынан, талааннарын күүһүнэн кынаттанан сылдьыбыттара үөрүүлээх
    Кыым

6 этии #

Нууччалыы Увлекаться болтовней (букв. окрыляется своим красным словом)

  • Кыһыл тылынан кынаттанар сөбүлээб. - тугу да туһалааҕы оҥорбот аата кураанах тылынан эрэ чобуорхайар, наар тыл этэн, араатардаан тахсар Арай -- уоһугар уоһаҕа куурбатах оҕочоос биитэр наар бэлэмҥэ мээтиргээн, сыыһа-халта туттаран, кыһыл тылынан кынаттанан сааһын бараабыт ааргы эрэ эйигин куһаҕаннык саҥарыахтара. Софр. Данилов. Үлэлээн да эбэриҥ холоон, кыһыл эрэ тылынан кынаттанар сурахтааххын.
    ХС
  • Бэйэлэрэ генийдэрбит дэнэр уонна чугас дьонноругар кырдьык да генийдэринэн аатырар буолан баран, дьиҥинэн сүрэхтэрэ суох, кыһыл тылларынан кынаттанар элбэх дьону билэттиирим. ЛВ МТА. Кыһыл тылынан кынаттанааччы сөбүлээб. - туһалааҕы оҥорбот аата кураанах тылынан эрэ чобуорхайааччы, кураанаҕы куолулуур киһи. Θ Краснобай, фразер, болтун. "Харбалаах барыбыт киэн туттуута, онно көмөлөспөт буолуу саамай улахан алҕас буолуо этэ", - диирэ оччолорго Демьян кыһыл тылынан кынаттанааччылары уҕарытарыгар. ДА ХУо. Кыһыл тылынан кынаттанааччылары, холуннарааччылары саралыы тардыахха. "Ленин с. "

«К» буукуба