ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыыр

туохтуур

Нууччалыы в состоянии экстаза осуществлять ритуальное общение с духами, камлать

1 туохтуур #

Дүҥүрү охсо-охсо хамсанан, ойуоккалаан, кутуран ойууннуур туому толор (ойууну, удаҕаны этэргэ)

Нууччалыы В состоянии экстаза осуществлять ритуальное общение с духами, камлать

  • Ойуун кыыран, сэрэйбит курдук, Ньукууһа кутун-сүрүн куоҕас көтүтэн илдьэн өлүү уутугар тимирдибит диэтэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Ойуун алҕаан, кыыран илгистэн киирэн барда.
    Күндэ
  • Былыр ойууттар кыырдаллар эрэ үөһэ дойдуга тиийэллэр, аҕабыттар ыллааталлар эрэ ырайга тахсаллара.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Алыһардаах удаҕан Бөлөнүүскэй дьиэтигэр мин аҕам оҕонньор баарына кыырбыта үһү
    Н. Павлов

2 туохтуур #

Тугу эмэ улаханнык тыаһат-ууһат, лиҥкинэт-лаҥкынат, талҕалат (хол., иһити-хомуоһу, туттар тимир сэби-сэбиргэли о. д. а.)

Нууччалыы Громко стучать, греметь чем-л. [Суруксут] ботуоҥкатын иһэ кулур-халыр бөҕө кыырда, чэрэниилэтин иһитэ өрө-таҥнары эргийбэхтээтэ

  • Дуодар Хара уус -- Кыһата-тууспана Кытыаста оонньоото, Кыстыга-балтата Кыыран иһилиннэ.
    С. Васильев
  • Сонно тута быһах-кыптыый тыаһа тулатыгар өрө кыыран барда
    А. Сыромятникова
  • Эмискэ хатан тыаһы таһаар, тырылыы түс (хол., төлөпүөн, чуораан о. д. а.). Θ Внезапно зазвенеть. Төлөпүөн тыаһа эмиэ өрө кыыра түстэ.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (2)
  • Түүҥҥү чуумпуну уолута, Төлөпүөн тыаһа өрө кыырар.
    Ф. Софронов
  • Ср. алт. кыйгыр ‘кричать, звать; громко читать’

3 этии #

Кыһыл тылынан кыырар - туох да дуоннааҕы, туһалааҕы оҥорбокко эрэ кураанах тылынан айдаарар, чобуоххайар Янис төрөөбүт-үөскээбит сиригэр төрүт уус-аймах суох сирэ, наар түөкүттэр, күөх көппөлөр, ороспуонньуктар уонна кыһыл тылларынан эрэ кыырбыт дьон дугуйдаммыттар дииллэрэ. "ХС". Кини бэйэтэ кыһыл тылларынан кыырар дьоннору абааһы көрөр. НВ БК

Нууччалыы Заниматься пустой болтовней, молоть языком

«К» буукуба