ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыырай

даҕааһын, туохтуур

Нууччалыы стремительно взлететь вверх, взметнуться ввысь

English far away, distant

Ис хоһооно · 5
I

1 туохтуур #

Үөһэ үрдүккэ эрчимнээхтик көт, өрө сурулаан таҕыс (хол., көтөр, сөмөлүөт)

Нууччалыы Стремительно взлететь вверх, взметнуться ввысь

  • Чыркымай эмискэ өрө кыырайан тахсыбыт уонна аллара супту сурулаан түһэн субу оҕолоругар чугаһаан эрэр эһэ сүүһүгэр саайыллыбыт. Софр. Данилов. Көтөр [мохсоҕол] букатын аллара түһэн, уол саатыгар кэтиллэ сыһан баран, эмискэ өрө күөрэйэн, халлаан сабарайын диэки кыырайда.
    Н. Габышев
  • Саха сирин дэлэгээссийэтин тиэммит үрүҥ көмүс лайнердар күөх халлааҥҥа өрө кыырайан тахсыталаабыттара.
    АҮ

2 туохтуур #

Өрө ыстанан ыраах ой, ыраах өрө көтөн таҕыс (күүскэ охсууттан, быраҕыыттан, тэбииттэн уо. д. а.)

Нууччалыы Отлететь далеко в сторону (напр., от сильного удара)

  • Тоҥ эттэр бырдаҥалыыллар, остуол анныгар кыырайан кэлбиттэрин Микиитэ, сулбу тардан ылан, ытыһыгар үрбэхтээн баран, айаҕар уган кэбиһэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Эшелон диэкиттэн кыранааталар кыырайаллар.
    С. Никифоров
  • Волейбол былассааккатын төһө эмэ ааһан кыырайан иһэр мээчиги, өрө ыстанан, ытыһынан төттөрү саайан кэбистэ. Тулхадыйбат д

3 туохтуур #

Күүскэ сүүр, ойуолаа

Нууччалыы Быстро бежать; мчаться, нестись

  • Суол ортотунан буур таба кыырайан иһэр!
    В. Гаврильева
  • [Хаппытыан] дьиэтин диэки барар дьоллооҕо буоллар, төһө эрэ кыырайар этэ!
    А. Сыромятникова
  • Оскуола диэки, аны тохтотон кэбиһиэхтэрэ диэбиттии, кыырайа турда
    Ф. Софронов

4 туохтуур #

(үксүн поэзияҕа). Ыраахха диэри тарҕан, тэний (ырыа, санаа)

Нууччалыы Широко, далеко распространяться, разнестись (о песне, мысли)

  • Кыырай эрэ, кыталык буолан, Кырдалы, сыһыыны үрдүнэн Кыайыы ырыата!
    С. Васильев
  • Сүрэхтэн үөскээбит ырыабыт Кыталык кыыл буолан кыырайдын.
    Күннүк Уурастыырап
  • Арҕаска кыырайан ылардыы, Уо, иэйии, үөһэтик күөрэй эн, Уус-уран тыл иннин ылардыы
    Р. Баҕатаайыскай
II

5 #

кыырай халлаан поэт. - үрдүк халлаан

Нууччалыы Далекое, высокое небо

  • Кыырай маҥан халлаантан Кыырпах кыраһа кыыдамныыр.
    С. Васильев
  • Кындыа маҥан кыталык үөрдэрэ Кыырай халлааҥҥа кыҥкынастылар. Таллан Бүрэ. Күнүскү ыам кэмэ буолан, күн кыырай халлаан оройугар тахсыбыт этэ.
    И. Никифоров
  • Ср. алт. кыр ‘край, кромка, шов, грань’

«К» буукуба