ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кый

даҕааһын, сыһыат, туохтуур

Нууччалыы далёкий; дальний; давний

English distant, far(away), long-range, long-standing

Ис хоһооно · 7

1 даҕааһын #

Нууччалыы далёкий; дальний; давний

English distant, far(away), long-range, long-standing

  • кый дойдулар
    далёкие страныdistant countries

2 сыһыат #

Нууччалыы давно

English long ago

  • манна кэлбитим кый буолла
    я давно сюда пришёлI came here long ago

3 туохтуур #

Нууччалыы болеть

English to ache

  • уҥуоҕум кыйда
    кость нылаmy bone ached
I

4 туохтуур #

Иһигэр киирбэккэ кытыытынан, таһынан батыһа бар

Нууччалыы Идти вдоль, обходя, огибая что-л

  • Бэркэ сэрэнэн кырыы тааһы кыйан, улахан долбуур тааска тиийэн, сынньанан баран, аллараа түстүм.
    Т. Сметанин
  • Сарсыарда эрдэ бааһына күрүөтүн кыйан, дьиэбитигэр сыҕарыйбыппыт.
    Н. Габышев
  • Ньурбаҕа киирэр-тахсар айан суола оччоҕо да, билигин даҕаны бу алааһы кыйан ааһар
    С. Федотов
II

5 туохтуур #

Дьаралыйан ыарый (киһи уҥуоҕун, тииһин туһунан)

Нууччалыы Ломить, ныть, болеть (об ощущении тупой, тянущей боли)

  • Дьиэ иһэ итиитэ бэрт. Уҥуохтарым кыйаллар.
    Н. Якутскай
  • Мин [сугуну] ыстыах курдук гынан иһэн, тииһим кыйан, тылбынан сына-сына таах ыыталаан испитим.
    Далан
  • Тарбаҕын хаалдьыгар Хадьымал чап гына саайара, Көй бааһа чыбырҕаан Уҥуоҕа, сүрэҕэ кыйара
    С. Васильев
Өссө холобурдар (3)
  • Этиҥ-сииниҥ куһаҕан баҕайытык дырылыырын бил (соһуйууттан, долгуйууттан, эмискэ ис дууһаҥ айманыытыттан). Θ Ощущать нервную дрожь в теле (от испуга, внезапного возбуждения, потрясения). Ону [Дьэлиһиэй кыыһырбытын] көрөн баран, кыыс уҥуоҕа кыйда, этэ саласта, куйахата күүрдэ.
    Эрилик Эристиин
  • Тороев -- сирэйэ-хараҕа уларыйан, тыынара тыастанан, уҥуоҕа кыйан, ураһа иһигэр сорунуулаахтык көтөн түстэ уонна сандалыга иһит сууйа турар Чуураҕа кыыллыы биирдэ ыстанан тиийдэ да, дьахтары ыга кууһан ылла.
    Л. Попов
  • Арай хам-хаадьаа кыһыҥҥы суолунан таһаҕас тиэйэр улахан массыыналар лиҥкинэһэн, Дьуойа үрэх чиргэл мууһун быһа охсон, киһи куйахата кыйыах, лыҥкыначчы баттыалаан ааһаллар
    В. Яковлев
III

6 даҕааһын #

Олус ыраах, кыраман

Нууччалыы Очень далекий, дальний

  • Сэбиэскэй оскуола Москваҕа да, кый хотугу оройуоҥҥа да биир программанан үөрэтэр.
    Н. Габышев
  • Кый быдан үөһэнэн кыырайан Кынаттаах биистэрэ кэллилэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Берлин билигин да быдан ыраах. Хаамыах диэтэххэ кый дойду!
    В. Быков
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. тув. кый 'бок'; казах. кый 'даль, отдаленность'

7 этии #

Нууччалыы Уходить далеко (в неопределенном направлении), отрываться от родных мест, уйти, куда глаза глядят

  • Кый бырах бар (сырыт) - бэйдиэ, ыраах, быралгы бар Оо, ол мин кыыл курдук, дьонтон күрэнэн, үрэх бастарынан кый бырах сылдьыбытым диэн - олох буолаахтыа дуо.
    Болот Боотур
  • Аһылыга суох сир буолан, табаларбыт кый бырах баран хаалан булларбатахтара.
    А. Кривошапкин
  • Кый бырах сылдьыбыт киһилии, сыыспыппын кэмсинэн, аҕам дьиэтигэр төннөргө быһаарынным.
    Д. Дефо
Өссө холобурдар (1)
  • Кый ыыт туохт., бэй. туһ. - ыраах ыыт, үүр (былыр улаханнык байбыт киһи хас сүүстүү сүөһүтүттэн хаһы даҕаны дойду иччилэригэр анаан илин диэки мээнэ үүрдэрэрэ). Θ Гнать далеко (в старину богатые люди угоняли на восток по нескольку голов скота, обычно лошадей от каждой сотни по одной, в жертву духам). Кэнники бу дойдуттан сылгы, ынах булуммут, бука, кый ыыппыт сүөһүлэри булаттаан сүөһүлэммитэ буолуо диэн буолара. Саха сэһ. I. Ол кэлэн манна билиҥҥиттэн Чабычах Ыйаабыт диэн сиргэ оччоҕо кый ыыппыт хаһыыга сылдьар сылгылары көрөн, сэттэ байтаһын сылгыны ох саатынан ытыалаан, өлөртөөн сиэн, быстарыыга абыранар. Саха сэһ. I

«К» буукуба