Перевод с якутского
кый-хай
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы рассмотреть, изучить что-л. со всех сторон
1 туохтуур #
Тугу эмэ бары өттүнэн чинчийэн бил, чуҥнаа
Нууччалыы Рассмотреть, изучить что-л. со всех сторон
Слепцовтары ырааҕынан кыйан-хайан: кинилэр Уйбаан бартыһааннаан сылдьыбытын билбэттэрин, байыаннай лүөччүк буолан кыргыһа сылдьан, дьоруойдуу өлбүтүнэн ааҕалларын билбитэ. М. Ефимов Чэйдээн баран мин дьэ эрдийдим. Таастары барытын кыйан-хайан көрдүм И. Данилов
2 аат тыл #
Бэрээдэгэ суох хаһыы-ыһыы, айдаан-куйдаан
Нууччалыы Беспорядочный крик, шум, гомон, суматоха
Саша хайдах буоллуҥ? Баттаттыҥ дуу? Кый-хай бөҕөнү түһэрдиҥ ээ. П. Аввакумов Ырааһыйаҕа мустан олорор кыыллар ортолоругар ыҥырыа уйатын тоҕо тардыбыт курдук дьүүлэ-дьаабыта биллибэт кый-хай, айдаан-күүгээн биирдэ оргуйа түспүт. Эвен фольк. Олбуор иһигэр кэлии-барыы, үтүрүһүү-хабырыһыы, көлөлөөхтөр кыйдара-хайдара. Ч. Айтматов (тылб.)