ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

муос

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы рог

English horn

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Нууччалыы рог

English horn

  • муос муоска, тиис тиискэ, туйах туйахха
    око за окоan eye for an eye
I

2 аат тыл #

Сүөһү, кыыл төбөтүгэр үүнэн тахсар судургу эбэтэр салаалардаах ураты үөрбэ уҥуох

Нууччалыы Рога. Таба муоһа. Бараан муоһа. Муостара адаарыҥнаан, тыыннара күдээриҥнээн, сотолоро хараарыҥнаан, табалар субу мэҥийэн кэлээт, -- тоҥуу хаарга тохтуу биэрдилэр. Амма Аччыгыйа. [Чубуку] таастан-тааска быраҕыллан түһэн иһэн, муоһуттан иҥнэн хаалла. Т. Сметанин. Сүөкүлэ быыс үрдүнэн сирэйэ ньолойон, муоһа адаарыйан турар ынаҕы ыйан кэбистэ. Р. Кулаковскай

3 даҕааһын #

суолт. Муостан оҥоһуллубут

Нууччалыы Сделанный из рога, кости

  • Үгүс аадырыһы, араас муос оҥоһуктары бэлэх биэрбиттэрэ.
    Суорун Омоллоон
  • Тэһийбэтэҕинэ, Кирилл Иванов бэйэтэ тимиртэн охсон оҥорор быһаҕын муос уктуур, кыынныыр, ыаһынан ойуулуур
    Н. Габышев

4 этии #

Нууччалыы Получить сильный отпор, жестокий урок

  • Муоска бэрдэр (оҕустар) - кимтэн-туохтан эмэ утары улахан хардата ыл (кэһэйэр гына) Уол адьас ыыра батан кэбиһиэн, ити кэлин күүскэ этиллибит "ким эппиэттиэй?" диэн көхөлөһөр тыллартан муоска оҕустарбыкка дылы мултуйа түстэҕэ дии.
    Н. Лугинов
  • Сидоров Ганя, кырдьыгын этитэн, муоска бэрдэрэн, тута баттаан туран сымнаата.
    И. Никифоров
  • Түүҥҥү сэриигэ Абаҕа пионердарын утарсыыларыгар кэтиллэн, муоска бэрдэрэн, үрүҥнэр атахха биллэрбиттэрэ.
    Б. Лунин
Өссө холобурдар (11)
  • Муоска түһэр - киһиэхэ хара ааныттан суоһурҕана тоһуй. Θ Встретить в штыки. Муоскунан-туйаххынан көрүс - тугу эмэ күүскэ утар, ылыныма. Θ Оказывать сопротивление кому-чему-л., быть несогласным с кем-л. - Ээ, арба даҕаны доҕор, били хаһыакка ыстатыйаҕын туох диэн тойоннуулларый? Ылыннылар дуо? - Ылыныахтара баара дуо? Унаарап муоһунан-туйаҕынан көрүстэ, - дии түстэ Сардаана.
    ХС
  • Муос-муоска, тиис-тиискэ, туйах-туйахха - толлубакка тэҥҥэ ааҕыс, киирсис. Θ соотв. око за око, зуб за зуб. Сэрии буоларын кытта, норуот бүттүүн өстөөҕү үлтү охсорго тулхадыйбат биир бигэ санаанан, "муос-муоска, тиис-тиискэ, туйах-туйахха" диэн, өрө күүрэн турбута.
    Л. Габышев
  • Муос-таас курдук - кытаанахтык, халбаҥнаабаттык (эт, саҥар). Θ Твердо, непоколебимо. Эмээхсин ыалдьыттарын муос-таас курдук саҥарталаата.
    Болот Боотур
  • "Эн бу оҕонньоттортон барыларыттан быдан аҕа киһи олордоҕуҥ. Онон буору эн бааһыртаххына сатаныыһы!" - диэн Муҥур Уола Ньаппыыс соҥнуурдуу, муос-таас курдук эттэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • "Этиллибит кэмҥэ киллэриэхпит, дьыала онон бүтэр," - диэн муос-таас курдук эттэ шкипер.
    ХС
  • Муостаах-туйахтаах буолан (буоллаҕай) - киһиттэн эрэ ураты буолан (буоллаҕай). Θ Чем они (вы) лучше нас. Эһиги да муостаах-туйахтаах буолан үөрэхтээххит, үрдүккүт үһү дуо?
    А. Сыромятникова
  • Муос үрдүгэр түһэрэн көрүс кэпс. - кимиэхэ эмэ утары хардата биэр (сөбүлээбэккэ, эбэтэр өһүргэнэн). Θ Дать кому-л. отпор, ответ. Мунньахха көннөрү ахтыбытым. Онтубун, саҥам дорҕооно сүтүөн иннинэ, Ираида Ивановна муос үрдүгэр түһэрэн көрсүбүтэ.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Муоһа-туйаҕа сарбыллыбыт (бараммыт) - бардамныыра тохтообут, намтаабыт (кырыктаах сүөһүнү муоһун сарбыйаллар, онно холоон этии). Θ Присмиреть (получив решительный отпор, острастку), утихомириться. Кэлин тоҕо эрэ муоһуҥ-туйаҕыҥ, арааһа, сарбыллыбыт ээ, оҕонньор.
    В. Яковлев
  • "Ээ, ити курдук киһи барыта утары көрдөҕүнэ кини да муоһа-туйаҕа сарбыллаа ини!", - диэтэ онуоха уола.
    ХС
  • Муоһун тоһут - өрө көрбөт, утарыласпат, өрөлөспөт оҥор. Θ Укротить, усмирить, заставить кого-л. покориться; обломать рога кому-л. - Иһиттиҥ дуо, өрүөлүҥ өссө саанар, үчүгэй аҕайдык кэһэтэ түспэккэбит! - диэтэ аччыгый уол. - Тохтоон эриҥ, муоһун тоһутар ньыманы булуохпут! - диэтэ онуоха улахан уол.
    Р. Баҕатаайыскай
  • "Чэ, туох буолуой, эбээһинэһин кыайыа, онтон атыныгар муоһун тоһутаа инибин!" - диэн санаабыта Батюк Серпилин туһунан. К. Симонов (тылб.)

5 этии #

Этиилэр

Тымныы оҕуһун муоһа көр оҕус

  • Кини [ый] харсыһан булгурутта Тымныы оҕуһун муоһун, Сирбитин сааска дьулурутта, Ол иһин күммүт уһун.
    И. Эртюков
  • Др. -тюрк. мүйүз, мүҥүз, тат. мөгез, уйг. мүҥүз, алт. мүүс
II

6 аат тыл #

, эргэр. Туох эмэ түөрт гыммыт биирэ, чиэппэр

Нууччалыы Четверть чего-л

  • Аҥаар табаҕы кытта муос чэйи бэриллиэ.
    Күндэ
  • Бүгүн ходуһам биир муоһун оҕустум
    ХС

«М» буукуба