ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сэлии

аат тыл

Нууччалыы рысь

Ис хоһооно · 5
I

1 аат тыл #

Сылгы, атын да кыыл атахтарынан олбу-солбу хардыылаан айаннааһына (хаамыы, сүүрүү ыккардынан)

Нууччалыы Рысь (вид аллюра)

  • Сэлиитин ыһыктыбакка сыыры түһэн иһэн, уолаттары көрөн, өрө хорос гынаат, ат сиргэнэн, суолтан туора ойдо.
    Болот Боотур
  • Уоллаах ыт ынахтарын кэнниттэн сэлиинэн дьиэлэрин диэки түһүнэн кэбиспиттэрэ.
    Далан
  • Өр сынньанан этиргээбит ат төгүрүк алаас хонуутугар атара сэлиинэн дьиһигийэн киирэр
    Н. Якутскай

2 аат тыл #

Булт

Нууччалыы Охота, промысел

  • Сэлиигэ барбыттар. Сэлиилэрэ хайдаҕый?
    ПЭК СЯЯ
  • Саһылы, кырсаны күһүн атынан эккирэтэн, ытынан туттарыы. Θ Осенняя охота на конях с собаками за лисицами, песцами

3 этии #

Этиилэр

Тарайа сэлии көр тарай

  • Тарайа сэлиинэн иһэр аттар туора силэллэ түстүлэр, дьон сааларын, саабылаларын харбаан ыллылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Ыраах эмискэ, Чурапчылыыр айан суолунан сулумах ат туйаҕын тыаһа бөтөрөҥ былаастаах тарайа сэлиинэн барда. "ХС"
II

4 аат тыл #

Уу оҕуһа, мааман

Нууччалыы Мамонт. Сэлии Бүлтэстээх диэн топоним баара саха дьоно сэлии диэн мааманы бэйэтин ааттыылларын бигэргэтиһэр. Багдарыын Сүлбэ. Халымаҕа түһэр Берёзовка үрэхтэн сэлии (мамонт) өлүгүн хостууллар. Бу сэлии дьардьамата Санкт-Петербург музейыгар турар. "Сахаада". Атаас, сэлии көстүбүт сирин этэн биэрэр эбээн аймахха олус улахан аньыы буолар. П. Ламутскай (тылб.)

5 этии #

Нууччалыы Клык мамонта или слоновая кость

Этиилэр

Сыарҕа сэлиитэ

сыарҕа сыҥааҕа диэн курдук.

  • Отун өтүүтүн сүөрэн, балтыһаҕын хотон ойоҕоһугар өйөннөрдө уонна сыарҕатын сэлиититтэн ылан өрө баста.
    Далан
  • Бастакы сыарҕатын сэлиитин тэлгэтэн баран, отун ордуохтаан түһэрэ-түһэрэ тиэйбитинэн барда.
    ХС

Сэлии муоһа

уу оҕуһун муоһа (аһыыта) Дьокуускай улахан атыыһыттара сэлии муоһун сыаналыыллар.

  • Мин билэрбинэн, кини сэлии муоһуттан чочуллан оҥоһуллубут сиэдэрэй куйа хаалаах тимир хомуһу уолугун сиэбигэр укта сылдьааччы.
    К. Уткин
  • Ср. эвенк. хэли ‘кость мамонта, мамонт’

«С» буукуба