ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тарай

туохтуур

Нууччалыы лежать или упасть навзничь, раскинув руки-ноги

1 туохтуур #

Илиигин-атаххын былас быраҕан тиэрэ түс, тиэрэ түһэн сыт

Нууччалыы Лежать или упасть навзничь, раскинув руки-ноги

  • Бу кыыс үчүгэйиттэн барылара тарайа уҥпуттар. Саха ост. I. Дьэ, бачча өлүөр-сөлүөр, күүс-уох үрдүгэр сылдьан, сынньанан тарайа сытыам үһү.
    И. Бочкарёв
  • Хаар үҥкүүтүн Көрө таптыы Сүүрдүм-көттүм, күөлэһийдим Хабдьылары тэһииргэттим Хаарга охтон тарайдым
    Н. Босиков

2 туохтуур #

Атаахтаан, ньирэмсийэн кыҥкыйдаа, бас-баттах быһыылан

Нууччалыы Вести себя капризно, ломаться

  • Ньыкын, эбэтигэр тарайан, уоһун боллоччу туттан, хараҕын, сүүһүн аннынан үрүҥүнэн түҥнэри көрөн олордо.
    Болот Боотур
  • Тарайбыт оҕо бас-баттах Тыллаһарын саната, Тэпсэрбит суолу буолбатах - Бэйэбит дьылҕабытын.
    С. Данилов
  • Кэргэммэр олус тарайарым, кини мин ол-бу кыҥкыйбын-тыҥкыйбын толоро сатыыра
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (2)
  • Атаахтаан тугу да гыныма (ким эмэ бэлэмигэр эрэнэн). Θ Жить на всём готовом, за чей-л. счёт. Кырдьаҕас дьон эмиэ атаахтыахтарын баҕараллар. Ийэҥ үөрэхтээх кыыһыгар, эйиэхэ, тарайыан саныа.
    Н. Босиков
  • Оччолорго кырдьык даҕаны тарайан сылдьыбыта. Судаарыстыба барахсан туохха даҕаны кинини тутахсыппатаҕа, босхо ииппитэ, улаатыннарбыта. Тумарча. Эр дьон баарыгар, тарайаҥҥыт, уу-ньулдьаҕай буолаҕыт буолбаат!
    ХС

3 этии #

Нууччалыы Быстрая рысь, переходящая в галоп

  • Тарайа сэлии - муҥ күүһүнэн сиэлии (көлөнү этэргэ) Мантан өрөпкүөмҥэ диэри [ат] өкөчөҥ былаастаах тарайа сэлиинэн киирэн баран, көр, түүтүн да төбөтө сиигирбэт эбээт!
    Амма Аччыгыйа
  • Айан суолунан бөһүөлэк диэкиттэн биир туус маҥан аттаах киһи өкөчөҥ былаастаах тарайа сэлииннэн түһэрэн иһэр эбит.
    В. Яковлев
  • Сыарҕата чэпчэки, ата даҕаны ат да ат, барбах тарайа сэлиинэн айанныыр. ССХУо. Ср. монг. тарах ʻрастянуться (о чём-л. при падении)ʼ, др. -тюрк., тюрк. тара ʻрассеиватьсяʼ

«Т» буукуба