ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дэгэрэҥ

аат тыл

Нууччалыы быстрая ходьба, бег, слегка приподнимаясь, подскакивая на носках

1 аат тыл #

Атахтарыҥ төбөтүнэн хардары-таары дэгэйэн чэпчэкитик хаамыы, эккирээһин

Нууччалыы Быстрая ходьба, бег, слегка приподнимаясь, подскакивая на носках

  • Кыра, чөкө Варвара, таҥаһын көннөрүннэ, улахан суумканы уонна сүөгэйдээх тууйаһын тутан, урут хаамта, оһуокайдаан эрэр курдук, дэгэрэҥ үктээтэ.
    Н. Габышев
  • Тапталлааххын кытта сиэттиһэн, сүүһүнэн киһи дэгэрэҥ хаамыытыгар тэҥҥэ үктэнэн, эйээрэр эһиэхэй дуорааныгар уйдаран сылдьарыҥ
    Э. Соколов

2 этии #

Нууччалыы Дополнительная еда

Этиилэр

Дэгэрэҥ аһылык

аһыыр кэмҥэ буолбакка, ол ыккардыгар сии түһэр, быстах, сэмсэ аһылык Ньирэй сылдьан, саҥа улаатан иһэн, накыйбат атахтарынан ойуоккалаан, илиититтэн дэгэрэҥ аһылык ылаары киниэхэ уун-утары кэлэрэ.

  • БН ЫБ. Арыылахха киирэннэр, аһыыр сирдэригэр тохтоон дэгэрэҥ аһылыктарын кыратык аһыы түһэн бараннар, ким бастыахтааҕын быһаарса турбуттар.
    ФГЕ СТС

Дэгэрэҥ үҥкүү

атах төбөтүгэр тэйиэккэлээн үҥкүүлээһин.

Танец с подскоками на носках.

  • Маанылаах бастыҥ утаҕы дьалкыһыта кутан күндүлүүр кыыс оҕо кылааннааҕын дэгэрэҥ үҥкүүтэ, аастыйбыт баттахтаах кырдьаҕас кылыһахтаах тойуга – барыта төрөөбүт дойдум кэрэ хартыыналара.
    П. Аввакумов

Дэгэрэҥ ырыа

тэҥ кээмэйдээх мелодиялаах сахалыы ырыа.

Якутская песня с размеренной ритмической разбивкой мелодии.

  • Антах паардьыттар "һай" дииллэрэ уонна дэгэрэҥ ырыа иһиллэр.
    Суорун Омоллоон
  • "Сарсын-сарсын сарсыарда" саха дэгэрэҥ ырыаларын бастыҥ холобурунан буолар. "ХС"

«Д» буукуба