Перевод с якутского
хаамыы
аат тыл, аат
Нууччалыы мера длины, равная одному шагу
English verbal noun of хаамп-
Ис хоһооно · 5
1 аат #
Киһи биир хардыытыгар тэҥнэһэр уста кээмэйэ
Нууччалыы Мера длины, равная одному шагу
хаамп диэнтэн хай. аата. Кинилэр хаамыыларын улам бытаардан, хамначчыттар дьиэлэригэр чугаһаатылар. М. Доҕордуурап Хотуурдаах Тайыыла барахсан түргэн хаамыынан дэгэлдьийэн, алааһы ортотунан хайа тэлэн тахсара адьас субу баарга дылы эбээт! А. Бэрияк Чанчыгар соҕотох кураайы тииттээх үрдүк тумулу сүүсчэкэ хаамыы уҥа өттүнэн халты таҕыста. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (3)
Хобороос Кыһалҕаттан аҕыйах хаамыыны тэйэ хаамта уонна күөмэйин оҥостордуу сөтөллүмэхтээтэ. И. Гоголев Сүүсчэкэ атыл хаамыыны барарбын кытта, арай иннибэр ыарҕа быыһыгар хаар үрдэ толбоннуран көһүннэ. Болот Боотур Слепцов кылыйан ити туоһу биир хаамыы кэриҥинэн аһара түспүтэ. СВГ СБ
2 аат #
Туох эмэ төһө түргэнник баран иһиитэ, тиэмпэтэ
Нууччалыы Ход, движение чего-л., темп
Холкуос бэрэссэдээтэлэ от хомуурун хаамыытын туһунан Ананийы кытта киирэн сүбэлэһэн тахсар. М. Доҕордуурап Кэлиҥҥи кэмҥэ олох хаамыыта түргэтээн, элбэх уларыйыылар буолуталаатылар. "Кыым". Бары билэбит ээ, күн-дьыл хаамыыта хойутаабат уонна уларыйбат, урукку кэмигэр хатыланан иһэр ЯВВ КЭКТ
3 аат #
саахымат., дуобат. Саахымат фигуратын, ньыкааны атын хонууга сыҕарытыы, көһөрүү
Нууччалыы Ход (в шахматах, шашках)
Дуобаттан илиигин араардаххына эрэ хаамыы ааҕыллар КМЕ ДХА
4 этии #
Нууччалыы Мера времени, равная отрезку, на который ежедневно удлиняется световой день (приблизительно от дня зимнего равноденствия до Рождества Христова – букв. мышиным шагом)
Этиилэр
Атыыр оҕус алтаҕа, хат дьахтар хаамыыта көр алтах
Атыыр оҕус алтаҕа, Хат дьахтар хаамыыта Ханнык бөрүкү буолуой? Хааһахтыы үҥкүрүйэн истэ, Баҕарахтыы сыылан истэ. А-ИМН ОЫЭБЫ.
Быт хаамыыта көр быт
Бадараана бэрт буолан быт хаамыытынан айаннаан, киэһэ нэһиилэ дьиэлэрин булбуттара.
Кутуйах хаамыытынан
кыһыҥҥы күн сыыйа уһуурун бэлиэтиир кээмэй (быһа холоон, кыһын күн уонна түүн тэҥнэһэр кэмэ бүтүөҕүттэн Ороһуоспаҕа диэри кэм) Тохсунньу чугаһыгар күн кутуйах хаамыытынан уһуур, Ороһуоспаҕа оһох төрдө сырдыыр диэн буолар.
КНЗ ОО. Күнэ-дьыла тохтообукка дылы буолла, күнүһэ син ааһар, түүнэ кутуйах хаамыытынан сыҕарыйар. ХС
Хаас хаамыыта көр хаас II
Эһиги "хаас хаамыыта" диэн тугун билбэккит буолуо, ол – эписиэр саллааты накаастыыр биир ньымата. ХС
Ыт хаамыытынан көр ыт II
Иккиэ буолан уларсык сатыылаан, ыт хаамыытынан айанныах кэриэтин, соҕотоҕун ат үрдүгэр түһэн ойутан хаалбыт киһи баар ини. "ХС"
5 этии #
Нууччалыы Линия шва
Этиилэр
Кэтэһэр хаамыы көр кэтэс
Саахымат оонньуурга кэтэһэр хаамыы диэн баар буолар.
Сиик хаамыыта
иистэнэргэ сиик барар, оҥоһуллуохтаах сирэ Сиик хаамыыта, охторуута биир тэҥ буоларын ситиһэ сатаан, иннэ суолун бастаан бүргэһинэн үүттээн бэриллиэхтээх.
Сиик хаамыытын, төгүрүк оһуор сурааһынын туоска бэлиэтииргэ икки атаҕар иннэлээх циркуль туттуллар. ГПП ТО
Хаалыктаах хаамыы көр хаалык
Майа сэлиэнньэтигэр хаалыктаах хаамыы кулуубун чилиэннэрэ Герой Ф. Г. Попов сквериттэн Кыайыы монуменыгар диэри эрчимнээхтик хаамтылар. "Эркээйи". Билигин хаалыктаах хаамыы өрөспүүбүлүкэбитигэр киэҥник тарҕанна. "Саха с. ". Хаамыы эһэтэ кэпс. – арҕаҕар киирбэккэ сылдьар, торҕоннообут эһэ.
Медведь-шатун.
Ити кэнниттэн кэпсэтии хаамыы эһэтин тула эргийбэхтээн ааста. Н. Заболоцкай