Перевод с якутского
олук
аат тыл
Нууччалыы зарубка, надруб, надрубка
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Маһы сүгэнэн кэрдиистии охсуу, оҥо охсуу
Нууччалыы Зарубка, надруб, надрубка (обычно топором на дереве)
Охтороору кэрдэн молуойдаабыттара - хотутар, олук таһаарар аат суох. В. Протодьяконов Буруустар, муннук олуктара эрдэ оҥоһуллубут буолан, эркини дөбөҥнүк бүтэрбиттэрэ. ДФС КК
2 аат тыл #
Сүгэнэн маһы кэрдэргэ мас ойута ыстаммыт кэрчиктэрэ
Нууччалыы Щепки, щепа
Кини [Кэбигирэй Миитэрэй] санаатыгар, маһа ордук кытаанахха, оҕустаҕын аайы тимир курдук чаҥыргыырга, сүгэтин олуга ордук ыраах ыстанарга дылы буолар. Амма Аччыгыйа Чэгиэн мастан тэйиэлии Тэрээк сүгэ кыыраҥныыр. Уҥа-Хаҥас тэйиэлии, Олук ойон кылбаҥныыр Р. Баҕатаайыскай
3 аат тыл #
Хардыы, атыл, хаамыы, сүүрүү тэтимэ
Нууччалыы Шаг, темп ходьбы, бега
Сүүрүк ат маҥнай мөдөөннүк ойбохтоот, хонноҕо аһыллан, олуга сыыйа кэҥээн, хардыыта улам сыыдамсыйан барда. Р. Баҕатаайыскай Үҥэр ааттаах Микииппэрэп кинээс киэҥ олугун хайа кэппинэн ситиэмий? М. Доҕордуурап Уйатыгар айаннаабыт тот тииҥ олуга кыараҕас, суола бахчаҕар буолар. ФВН ТС
Өссө холобурдар (2)
Хаарга, бадарааҥҥа олорон хаалбыт суол. Θ Следы, оставленные на снегу, по грязи. Кэлбит олукпунан төннүбэккэ, бэркэ сэрэнэн, иннибин-кэннибин көрүнэ-көрүнэ, сурпутугар төннөрүм. Н. Абыйчанин Кыыл табалар биир олугунан лабырҕаччы үктээн ааспыттарынан көрөн, кыылдьыттар төһө кыыл ааспытын эндэппэттэр В. Протодьяконов
4 аат тыл #
Кэрдиис кэм, кэм кэрчигэ
Нууччалыы Отрезок времени; какая-л. часть жизни
Оттоку олукка Соноон иһэрин "Суо хотун дэтээри Сонургуур этэ".
Өксөкүлээх ӨлөксөйИстория олугар сөп түбэһэн, икки иллээх норуоту уруйдуу, үөскээн тахсыбыта ити күнтэн үтүө тыл: "Найрамдал - Доҕордоһуу" И. Федосеев
5 аат тыл #
лит. Силлабо-тоническай хоһоон систематыгар, холобур, нуучча хоһоонун тутулугар, охсуулаах уонна охсуута суох сүһүөхтэри биир кэм наардааһын кэрдиитэ
Нууччалыы Стопа (в силлабо-тоническом стихосложении)
Баал Хабырыыс хайдах эрэ чуолкай ритмикаҕа дьулуспат, холобура, Күннүк Уурастыырап олугун курдук буолбатах Н. Тобуруокап
6 этии #
Нууччалыы Зорко следить за кем-л.; подстерегать кого-л
Олук ааҕар кэпс. - кэтээ, кими эмэ кэтээн көр; кэтээн күүт Биригэдьиири бэркэ олук ааҕан эрэр. НАГ ЯРФС. Олук уопсар (уурсар) - кимиэхэ эмэ туоххунан эмэ баһыйтарбат буол, тэҥнээх буол. Θ Ни в чём не уступать кому-л., быть на равных с кем-л. Билигин да бултаан, кадровай булчуттары тиҥилэх үктэһэр, олук уопсар. ХС Үһүс табаарыһым Николай Иванович Ефимов мин бу кэпсээбит үтүөкэннээх дьоннорбуттан кыратык да хаалсыбат, тэҥҥэ олук уурсар дьулуурдаах киһи. "Кыым". Олук үктэс (үктэһэн ис) - кими-тугу эмэ кытта тэҥҥэ сайдан ис. Θ Идти в ногу с кем-чем-л. Нэһилиэк олоҕо сайдан истэҕин аайы, оскуолата эмиэ ону кытта тэҥҥэ олук үктэһэн тупсар, ситэр. "Кыым". Бу да чахчы саха литературатыгар үгэ уонна сатира жанрдара атыттартан хаалсыбаттык сыһа олук үктэһэн сайдарга тугу эмэ оҥорон иһэллэрин бигэргэтэр. "Кыым". Нэһилиэк олоҕо сайдан истэҕин аайы, оскуолата эмиэ ону кытта тэҥҥэ олук үктэнэн тупсар, ситэр. "Саха сирэ". Олук үктээ - туохха эмэ бастакы буол, саҥаны арыйааччы буол. Θ Быть первопроходцем в чём-л., прокладывать дорогу первым. Д. П. Коркин саха тустуута аан дойдуга тахсыытыгар олук үктээбит киһинэн буолар. "Саха сирэ". Ср. др. -тюрк. олух ‘выдолбленное дерево, корыто’, тюрк. олук ‘желоб’