Перевод с якутского
дьиэрэҥ
аат тыл
Нууччалыы кроншнеп
1 аат тыл #
, зоол. Уһун тумустаах, уһун атахтаах чөкчөҥө бииһэ көтөр
Нууччалыы Кроншнеп
Өлөҥ быыһыттан дьиэрэҥ обургу Өрө биэрэҥнээн, дөгдөҥөлөөн таҕыста. Аҥар атаҕын өрө көтөхтө.
П. ОйуунускайДьуорбаллыбыт атахтаах, Чуоҕур эбириэн кынаттаах, Чэкэлийбит кэтэхтээх, Чэмэлийбит харахтаах Дьиэрэҥ көтөр буолан, Дулҕа үрдүгэр үктэнэн Чуочаллан турар эбит. П. Тобуруокап Дьиэрэҥ кыыл кутуругун Тэниччи туппут курдук Дьэрэкээннээх иэдэстээх С. Зверев
2 аат тыл #
Хардары-таары аҥаардыы атаҕынан иккилиитэ тэйэн, чэпчэкитик өрө ойуу (сахалыы үҥкүү хаамыыта)
Нууччалыы Якутский танцевальный шаг с легким двойным подскоком на одной ноге
Онтон ордук тэбиллэн, Улам күүрэн, эбиллэн, Сэлэ хаастыы сиэттиһэ, Сэргэ дьиэрэҥ тэбиэҕиҥ. Л. Попов Кулгаах, үөрэн чэрэҥэлээ, Харах, күлэн чэмэлиҥнээ, Тиҥилэхпит дьиэрэҥ ойдо, Холбут-бууппут босхо барда. Холкуй-илкий дайбаныахха, Ходьоҥ-идьэҥ хамсаныахха! И. Гоголев Саргылаана дьиэрэҥ тэбэн, Ходуһаҕа тиэтэйдэ В. Хон