Перевод с якутского
дьиэрэҥкэй
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы танцевальное движение, при котором подскакивают на одной ноге, а другую приподнимают, сгибая в колене, одновременно выдвигая ее вперед, или вперед и назад
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Хардары-таары аҥаардыы атаҕынан иккилиитэ өрө тэйэн, ол кэмҥэ атынын иннигэр өрө бокутан эбэтэр илин-кэлин эйэҥнэтэн хамнаныы (сахалыы үҥкүү көрүҥэ)
Нууччалыы Танцевальное движение, при котором подскакивают на одной ноге, а другую приподнимают, сгибая в колене, одновременно выдвигая ее вперед, или вперед и назад (вид якутского национального танца)
Дьиэрэҥкэй аҥаардаах сүүрүүнэн Ол атах сыгынньах кыыс иһэр. Ол нарын бэйэлээх киһини Аатырбыт ыанньыксыт дэһэллэр. С. Данилов Кырдал үрдүгэр уолаттар-кыргыттар дьиэрэҥкэйинэн атах тэпсэн, кулун-куллуруһан, чохчоохойдуу-чохчоохойдуу эйээрэллэрэ олус да үчүгэй буолара.
П. ОйуунускайТэҥҥэ үктээ, Дьиэрэҥкэй, Дэгэйбэхтээ, Дьиэрэҥкэй, Мээчик тэҥэ, Сиртэн тэйэ Күүскэ күөрэй, Дьиэрэҥкэй. Үөһээ ойор Дьиэрэҥкэй, Өрө көтөр Дьиэрэҥкэй, Атах, битий, Иэдэс, итий Тоҕо бэрдэй Дьиэрэҥкэй! П. Дмитриев
2 даҕааһын #
суолт., көсп., фольк. Эргичийбит-урбачыйбыт хамсаммыт-имсэммит
Нууччалыы Вертлявый, проворный, подвижный
Тоҕус халлааҥҥа уһуутуу сүүрэр уһун ньургун саалаах, аҕыс халлааҥҥа хаһыытыы сүүрэр хап дьиэрэҥкэй оноҕостоох эбит. Саха фольк Онуоха абааһы бухатыыра Аһара охсон биэрдэ, Хантан да ылбытын көрбөтө Хааннаах хара дьиэрэҥкэй батаһы сулбу тардан ылла, охсон кууһуннарда. Ньургун Боотур. Уһун суолун доҕоро буолбут Уһуктаах уот дьиэрэҥкэй үҥүүтүн Хара сымара тааска Харыстан ордук дириҥник Хараҕалыы анньан кэбиспит. Күннүк Уурастыырап Бур. жиреҥхей
3 этии #
Нууччалыы Вести праздный образ жизни, не тратить время попусту
Этиилэр
Дьиэрэҥкэй тэп
туһалааҕы оҥорбокко, көрү-нары батыһа сырыт Кини сайыны быһа дьиэрэҥкэй тэбэ сылдьыбыта, тугу да хаһаамматаҕа.
И. Федосеев
4 этии #
Нууччалыы Делать быстрое, скачущее движение, мелькать
Этиилэр
Дьиэрэҥкэй (дьиэрэҥкэйдээн) тэп
1) көр дьиэрэҥкэйдээ (1, 2).
Уоллаах кыыс киэһэ аайы Илиилэриттэн сиэттиһэннэр Дьүкээбил уота буолан Дьиэрэҥкэйдээн тэбэллэр. И. Гоголев Арамаанныын, Ааныскалыын, Киргиэлэйдиин, Кэтириистиин Дьиэрэҥкэйдээн тэптибит, Дьэргэлдьиһэ тэйдибит. А. Абаҕыыныскай
Өссө холобурдар (2)
Көр бөҕөнү түһэрэн, Дьиэрэҥкэй тэбэн Ыамы куоттара сыһан, Ыксаан бөхтөн Ыгылыйа сырса турдулар. С. Зверев; 2) көсп. Түргэн, элэҥнээн көстөр хамнааһыны оҥор Салгын сиэн хараарпыт бу уон тарбаҕа Имигэстик дьиэрэҥкэй тэбэллэр, Түөрт эмиийи төгүрүйэ сүүрэллэр. Л. Попов Көрөбүн эн саҥа Этээстээх дьиэлэргин, Ол онно сардаҥа Дьиэрэҥкэй тэбэрин. П. Тулааһынап