ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

атыллаа

туохтуур

Нууччалыы перешагивать, переступать через что-л

1 туохтуур #

Туох эмэ нөҥүө өттүгэр үктэн, үрдүнэн хардыылаа

Нууччалыы Перешагивать, переступать через что-л

  • Икки саллаат, ааны атыллаат, охтубуттар.
    Амма Аччыгыйа
  • Арба, оһоҕостоох дьахтар булт тэрилин таарыйыа да, атыллыа да суохтаах.
    Болот Боотур
  • Түүлээх оту кыбыммыт ийэм оргууй аҕай атыллаан киирбитэ
    П. Аввакумов

2 туохтуур #

Хардыыта оҥор, хаамп

Нууччалыы Шагать, делать шаг

  • Ньургуу аҥаар атаҕын атыллаабытынан охтон түһэр, илиитинэн далбаатаммахтанан баран, хамсаабат буолан хаалар.
    Суорун Омоллоон
  • Аҕыйахта атыллыырбын кытта, эһэм сыыр анныттан субу былтас гына түстэ.
    Н. Заболоцкай
  • Аласов, таҥас ыйыыр сир диэки атыллыах курдук гынан иһэн, эргиллэ биэрдэ. Софр
    Данилов

«А» буукуба