Перевод с якутского
үктэл
аат тыл
Нууччалыы ступень, ступенька (напр., лестницы), подножка
English step
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Туох эмэ өрө тахсарга, дабайарга, ыттарга аналлаах үктэнэр кэрдииһэ
Нууччалыы Ступень, ступенька (напр., лестницы), подножка (напр. автобуса.)
Кирилиэс аллараа үктэлигэр олордо. Н. Габышев Биирдэ өйдөөбүтүм, Сергей тырамбаай үктэлигэр туран эрэн, миэхэ далбаатаан эрэр этэ. С. Тарасов "Ити кирилиэс сытар, ууран биэр эрэ" - Вася кэбиинэтин үктэлитэн куусапка урут ыттыбыт кыыска соруйда. Э. Соколов
Өссө холобурдар (1)
[Ыт] туппут булдун - мас көтөрө буоллун, куобах буоллун - дьиэтин аанын үктэлигэр аҕалан быраҕар С. Маисов
2 аат тыл #
Үктэнэр сир
Нууччалыы То, на что наступают ногами (напр., земля)
Куһаҕан сир бүтэн, таас үктэллэр кэллилэр. Т. Сметанин Тыаҕа киһи уллуҥаҕар сөп түбэһэр дэхси үктэл суох буолар. Я. Семенов Эбэ уонна көлүйэ ыккарда төһө да чугас буоллар, үктэлэ кытаанах чиҥ эбит, дулҕалаах. С. Маисов
Өссө холобурдар (3)
Атаҕынан сиргэ үктэнии, хардыы. Θ Наступление ногами на землю; шаг, поступь. Суолу солууллар тыыннаах сүрэхтэр Эрчимнээх атахтаахтар күрэхтэһиилэрэ Кинилэри кэҥэтэр, Үктэллэрин чиҥэтэр. С. Данилов Уллуҥах үктэлин ааҕардыы, Лаппыйан дьэ хас да сыл ааһар. Р. Баҕатаайыскай Үктэлбин кытта ааҕардыы Үрүҥ хаар суолбар хаачыргыыр М. Тимофеев
3 аат тыл #
Улаханнык ытыктанар ыалдьыты көрсөргө былыр сэргэттэн дьиэ ааныгар диэри тэлгэтиллэр күндү түүлээх (үксүгэр үүс) тириитэ
Нууччалыы Подстилка, дорожка из дорогих мехов от коновязи до входа в дом (обычно для встречи очень уважаемых гостей)
Күөх от тэлгэннэ, Эһэ тириитинэн Эркээйи уурулунна, Саһыл тириитинэн Үктэл кэбиһилиннэ. С. Васильев Үүс кииһинэн Үктэллэ ууруҥ - Айан киһитэ Ааспыта буолуо - Аараан ааһыаҕа
Таллан Бүрэ
4 аат тыл #
Туох эмэ сайдыытын таһыма
Нууччалыы Уровень развития чего-л., ступень
Биһиги хас үүннэхпит-үрдээтэхпит ахсын тылбыт байан-сайдан, үрдүк үктэллэргэ тахсыахтаах.
П. ОйуунускайҮктэлтэн үктэлгэ үтэн, үлэҕэ, олоххо үктэннэрбит биһиги холкуоспут. С. Федотов Г. В. Попов үлэтэ саха тылын чинчийиини, үөрэтиини биир үктэл өрө дабаппыт үлэнэн буолар Кыым
Өссө холобурдар (1)
Туох эмэ сыалы, соругу ситиһэргэ тирэх буолар, кыаҕы биэрэр туох эмэ. Θ Что-л., дающее начало развитию чего-л., являющееся подспорьем в развитии чего-л. Күн Дьирибинэ сатирик поэт быһыытынан ситэн-хотон тахсарыгар -- көрдөөх, тэбэнэттээх кэпсээннэри, ырыалары-хоһооннору үчүгэйдик билиитэ үктэл буолбута. Күн Дьирибинэ. Бу айымньылар -- саха прозатыгар героическай тиэмэҕэ улахан саҥа эпическэй айымньылар үөскүүллэригэр үктэл буолбуттара ХС
5 аат тыл #
Баттал, атаҕастабыл, батталга сылдьыы
Нууччалыы Гнет, притеснение
Онтон бэттэх Батталы бырахтардылар, Үктэли үрэттэрдилэр, Куһаҕаны кубулуттулар, Дьоллоох олоҕу туругуртулар.
Өксөкүлээх ӨлөксөйБаттал батаһынан кырбанна, Үктэл үҥүүнэн үөлүлүннэ, Хабала ханьыылаах оҕунан Хампы тэптэрилиннэ Эллэй
6 аат тыл #
Былыр баай сахалар аты миинэргэ көхсүттэн үктэнэн тахсар кулут киһилэрэ
Нууччалыы Слуга, который служил у богатых якутов подножием для всадника
Үгдэрийэн-агдарыйан кэллэхпинэ, Үрдүк мындааҕар ыттарбар Үктэл уол гыныаҕым.
П. ОйуунускайКим тэһиин тутуой, атын миинэригэр ким сымнаҕас үктэл буолуой? И. Гоголев Кини Дьаакыбылапка ат көлүйэр, ыҥыырдыыр үктэл уол Н. Якутскай