ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чорбох

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы что-л. выступающее, выпирающее, торчащее откуда-л., выступ. [Көтөр оҕото] тумсун муостуҥу чорбоҕунан [сымыыт] хаҕын тэһэр уонна сотору таһырдьа тахсар

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Туох эмэ чорбойон тахсыбыта, чорбойо сылдьара

Нууччалыы Что-л. выступающее, выпирающее, торчащее откуда-л., выступ. [Көтөр оҕото] тумсун муостуҥу чорбоҕунан [сымыыт] хаҕын тэһэр уонна сотору таһырдьа тахсар

  • ББЕ З

2 аат тыл #

Муора сорох кыра харамайдарын эттэригэр баар кыратык чорбойо сылдьар уорганнара

Нууччалыы Выступающие наружу органы у некоторых мелких морских животных. [Моллюска] төбөтүн алын өттүгэр айаҕа баар, оттон "чанчыктарынан" икки бигиир чорбохтоох

  • ББЕ З. [Тиһиликтээх чиэрбэ] этин тиһиликтэрин ойоҕосторугар салбах курдук хаптаҕай чорбохтордоох. ББЕ З
  • Бэл оннооҕор, чорбох үбэ суох Биэрэ эмээхсин кэлэн, ытамньыйа сыһа-сыһа, ытыктыыр ыалларын хомолтолоруттан үллэстибитэ.
    Д. Таас
  • [Остолобуой сэбиэдиссэйэ] 4863 солкуобай суумалаах эбии чорбох бородууксуйаны хаалларыммыта. "Кыым". Сир суох, чорбох өлбүгэни түүлэһэллэр, куһаҕан сир. М. Горькай (тылб.)

3 аат тыл #

Туох эмэ (үксүгэр харчы) ордубута, ордон сылдьара

Нууччалыы Остаток, излишек чего-л. (обычно денег)

  • Улуус тардыытын аахтыҥ дуо? Хайдаҕый? Чорбох диэн баар буолсу дуо?
    П. Ойуунускай
  • [Даайыс:] Ити мин аҕам -- чорбоҕун таҥараҕа сиэртибэ дии-дии биэрэр да, иһэ, сигилитэ атын.
    А. Софронов
  • [Хаарты оонньууругар] туох чорбоҕун барытын сүүйтэрэн иһэрэ
    СҮК

4 даҕааһын #

суолт. Туох эмэ туттуллубутун, ороскуоттаммыт кэннэ ордор, хаалар

Нууччалыы Остающийся в избытке, в излишке

«Ч» буукуба