ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

модьоҕолоо

туохтуур

Нууччалыы сделать порог в дверном проеме

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Аан боруогун оҥор

Нууччалыы Сделать порог в дверном проеме

  • Балаҕан аанын модьоҕолоо. Дьиэ аанын саҥа үрдүк модьоҕолообуттар

2 туохтуур #

Бүүрүктээ, үрдэтиитэ оҥор

Нууччалыы Сделать, вырубить уступ

  • Ойбону модьоҕолоо.
  • [Хара хаастар] ньуолах түүлэрин үргээн [уйаларын] оҥостоллор уонна ону тула хардаҥ оту модьоҕолууллар.
    ХС
  • Тиэргэҥҥэ эскадрон хамандыыра Ч. Адамскай салалтатынан балбааҕынан уонна хаары мууһурдан модьоҕолоон окуопа оҥорбуттара
    Ленин с

3 туохтуур #

Холумтанна оҥор

Нууччалыы Соорудить шесток для камелька

  • Көмүлүөгү олус бэркэ модьоҕолообуттар

4 туохтуур #

Кытыытынан сыыйа тоҥон, чараас мууһунан бүрүй, тоҥон бар (өрүһү, күөлү этэргэ)

Нууччалыы Образовать тонкие ледяные закраины

  • Өрүс модьоҕолообут.
  • Түүнүн хаар хаһыҥнаан, оччоҕо сир-дойду киэркэйэр, Чараҥы, тыаны, хонууну Үрүҥ көмүһүнэн дуйдуур, Чычаас, дьаратыйбыт ууну Чап-чараас муус модьоҕолуур.
    Баал Хабырыыс
  • Сарсыарда аайы хаар хаһыҥ түһүтэлиир буолта хас да хонно, бу да сарсыарда көрдөххө, хотун эбэ модьоҕолоору гыммыт
    В. Яковлев

«М» буукуба