ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыдый

туохтуур

Нууччалыы безжалостно убивать, уничтожать, истреблять в большом количестве

1 туохтуур #

Харыстаабакка, харса суох өлөртөө

Нууччалыы Безжалостно убивать, уничтожать, истреблять в большом количестве

  • Киһи бөрөнү баҕас харса суох кыдыйыахтаах.
    Амма Аччыгыйа
  • Хаһыаттарга суруллан хаалбытынан, кини соҕотох биир кыргыһыыга бүлүмүөтүнэн сүүрбэ алта фашиһы кыдыйбыт.
    Д. Кустуров
  • Кинини [чубукуну] да харса суох кыдыйан аҕыйаттыбыт
    М. Доҕордуурап

2 туохтуур #

Өрө туран, олус тарҕанан (элбэх киһини өлөр, сутуй)

Нууччалыы Косить, губить, уносить жизни (напр., эпидемия, мор)

  • Туох даҕаны медицинскэй көмө суоҕуттан, дьаҥ турдаҕына, дьону аҥаар кырыытыттан кыдыйара
    И. Аргунов

3 туохтуур #

Аҥаар уһугуттан саҕалаан олоччу быһыта оҕус, кэрт, охсон ыл

Нууччалыы Безжалостно вырубить или скосить все, что растет

  • Сытыы быһыччабын сулбу тардан ылаат, бу талаҕы кыдыйан киирэн бардым.
    Н. Заболоцкай
  • Билиҥҥи "Хочо" холкуос үрэҕин отун сүүрбэччэ-отучча от охсор массыынанан килэччи кыдыйан ылабыт.
    Л. Габышев
  • Ыччаттар уонна куорат олохтоохторо бу бэстэри бэйэлэрин илиилэринэн кыдыйарга күһэллибиттэрэ.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. др. -тюрк. хыдат 'уничтожать, губить'

«К» буукуба