Перевод с якутского
өһөр
туохтуур
Нууччалыы губить, истреблять, уничтожать
1 туохтуур #
Кырган, кыдыйан кэбис, суох оҥор (хол., өстөөхтөрү)
Нууччалыы Губить, истреблять, уничтожать (напр., врагов и т. д.)
Онтон Охооно эмээхсин Мэник Мэнигийээннээххэ киирэн: "Дьэ, өлөрбүккүт, өһөрбүккүт, алдьаппыккыт!" – диэн баран, тутуталаары гыммыт.
Суорун ОмоллоонӨстөөх бииһин өһөрдүбүт. Эллэй. Өстөөхтөрү өһөрөөрү кырыылардаах Өргөстөөх ыстыыгы Өрө тутан иһэбин Е. Иванова
2 туохтуур #
Уоту умулуннар, уоту (уоттаах чоҕу) күлүнэн көмп
Нууччалыы Гасить, погасить (огонь в печке)
Оһох уотун күлүнэн көмөн, өһөрөн кэбиһэллэр. Күннүк Уурастыырап Тахсыбыттара: ыаллара ойууннарын кыырдараары, уоттарын өһөрөн, борук-сорукка олороллор эбит Болот Боотур
3 туохтуур #
Суох оҥор, буортулаа (хол., үөрүүнү)
Нууччалыы Испортить (напр., радостное настроение)
Дьон настарыанньатын өһөрүмэ. Оһоҕум унаар буруотун өһөрүмэ. Айталын. Ср. др. -тюрк. өшэр ‘темнеть, мутнеть (о глазах)’, др. -тюрк. өчүр ‘гасить, тушить; уничтожать’