ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

утут

Нууччалыы вызвать сон, заставить уснуть при помощи лекарства, гипноза

Ис хоһооно · 4

1 #

Нууччалыы вызвать сон, заставить уснуть при помощи лекарства, гипноза

  • утуй диэнтэн дьаһ. туһ. [Уйбаан:] Хата, киирэн кыыскын утут, кини билбэтин, оҕо билэрэ сатаммат, кэпсээн оҥосто сылдьыа.
    А. Софронов
  • Киһини сүгүн утуппат буоллаҕа.
    Н. Неустроев
  • Киһим, миигин албыннаан утутаары, утуйбут буолан муннун тыаһата сытта.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • // Эмп, гипноз көмөтүнэн утуйар гын
  • Эпэрээссийэҕэ утуппут киһилэрэ кинини ыҥырбытынан уһуктар
    Амма Аччыгыйа

2 #

харыс т. Тыынын быс, өлөр

Нууччалыы Лишить жизни, умертвить, убить

  • Итиннэ, арҕахха, биир тыһы эһэни утуттум.
    Болот Боотур
  • Бэлэм турбут Василий сүнньүн үүтүнэн иккитэ ытан, утутан кэбистэ. Эһэтэ улаханнык мөхсүбэтэ даҕаны.
    ХС
  • Ити бириэмэҕэ мин сытар сирим иннигэр өстөөх саллаата бэригилдьийэн кэлбитэ. Уһуну-киэҥи өйдөөбөккө, кинини онно икки ытыынан утуппутум
    БКТЭ

3 #

түөлбэ. Уоту, лаампаны умуруор

Нууччалыы Не давать больше гореть, гасить, тушить. [Клим:] Бу ыарыйдыҥ дуу, хайдаҕый?

  • Уоккун утутан кээспиккин. [Одуор:] Ээ, ыалдьан…
    Суорун Омоллоон
  • - Барыҥ! - Хабдьы Баһылай сөҥ түстэ, кыракый төбөтүн төҥкөттө, сири одуулаата. - Уоту мин утутуо.
    С. Дадаскинов
  • Уоккутун утутуом, күлгүтүн булкуйуом, үөлэскитин кырыардыам!
    ХИА КОВО

4 этии #

Этиилэр

Утутар эмп көр эмп

  • Кэһиилэр быыстарыгар суруктааҕар буолуох куотарга наадалаах сэптэр, харабыллары утутар эмтэр, дьааттар угуллан тиэрдиллэллэр. П. Филиппов

«У» буукуба