ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эмп

аат тыл

Нууччалыы природное средство или синтетическое вещество для лечения или предупреждения болезни, лекарство

English medicine, medication

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Ыарыыны тохтотор, үтүөрдэр сириэстибэ

Нууччалыы Природное средство или синтетическое вещество для лечения или предупреждения болезни, лекарство

  • Михаил Иванович балыыһаҕа күннэтэ үстүү-түөртүү укуолу ылара уонна өссө элбэх табылыаккалары, бороһуок эмтэри иһэртилэр.
    Н. Лугинов
  • Бэс мутукчатын уута киһиэхэ эмп буоларын истэрим. Оннук эбит буоллаҕына, кини сүөһүгэ да абыраллаах буолуохтаах.
    И. Данилов
  • Эмп сыта дьиэҕэ аҥылыс гына түспүтэ.
    Ф. Софронов
Өссө холобурдар (1)
  • Дьону үчүгэйдик көрөн-истэн кими хаанныыр, сорохторго араас оттон-мастан оҥоһуллубут эмтэри биэрэн ыытар
    ВНЕ НЭНь

2 аат тыл #

эмтээһин диэн курдук.

Этиилэр

Ол мин эмкэ киирдэхпинэ

Оппун-маспын ким булуой, Оҕолорбун туох көрүөй?

  • Күннүк Уурастыыпап. [Сандаарка:] Баҕар, эмкэ эҥиҥҥэ барыам.
    С. Ефремов
  • Мантан сорохтор үтүөрэн боруоҥҥа төннөллөр, сорохтору – ыараханнык эмсэҕэлээбиттэри ыраах тыылга уһун кэмнээх эмкэ ыыталлар. А. Бэрияк

3 аат тыл #

Тыа хаһаайыстыбатыгар хоромньуну таһаарар, киһиэхэ-сүөһүгэ буортулаах үөнү-көйүүрү, харамайдары утары охсуһар химикаттар, сүһүрдэр веществолар

Нууччалыы Химикаты и средства, использующиеся против вредных насекомых и грызунов

  • Сайыны быһа сайылаатаххына [кумаарга] үөрэниэҥ. үөрэммэтэххинэ, кумаар эминэ илдьэ сырыт
    Далан

4 аат тыл #

Туһа, өрүһүлтэ, абырал

Нууччалыы Спасение, помощь, избавление от какого-л. недуга

  • Олох түбүгэ, айдаана Манна да миигин булар. Дьонум саҥа кыайыылара Мин сүрэхпэр эмп буолар.
    С. Данилов
  • Киһиэхэ үтүө тыл эмп буолар диэн итини этэн эрдэхтэрэ
    В. Яковлев

5 этии #

Нууччалыы О лекарственном средстве: вызывающий сон у человека и животных, снотворное

Этиилэр

Тиритиннэрэр эмп көр тиритиннэр

  • Тиритиннэрэр эми иһэммин тымныйыым дьэ таҕыста.

Утутар эмп

киһиэхэ, кыылга, сүөһүгэ утутар дьайыылаах эмп Кэһиилэр быыстарыгар суруктааҕар буолуох, куотарга наадалаах сэптэр, харабыллары утутар эмтэр, дьааттар угуллан тиэрдиллэллэрэ.

  • П. Филиппов.

Эмп үлэһитэ

медицина ханнык эмэ салаатын уонна суһал көмөнү оҥорууга исписэлиис.

Специалист по медицине, по медицинской помощи, медик.

  • Ити дьыл [1922] Саха сирин үрдүнэн ис тиибэ өрө турбута, туох баар эмп үлэһиттэрэ бу иккис суостаах өстөөҕү утары охсуһууга үмүрү тардыллыбыттара.
    П. Филиппов
  • Ср. ДТС, тюрк. эм ‘лекарство’

«Э» буукуба