ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

модьоҕо

аат тыл

Нууччалыы дверной порог

English threshold, doorstep

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Аан холуодатын алын өттө, аан боруога

Нууччалыы Дверной порог

  • Сиидэркэ сэрэнэ-сэрэнэ аан модьоҕотун атыллаата.
    И. Гоголев
  • Аан аһыллыбытыгар балаҕан үрдүк модьоҕотун атыллаан параднай мундирын кэппит уонна саабылатын иилиммит хаһаак начаалынньыга киирэн кэллэ.
    ХС
  • Мин сылабаары көтөҕүөх сирбэр көтөҕөн, соһуох сирбэр соһон, быһа астаһан аан модьоҕотун нэһиилэ туораттым. Тулхадыйбат д

2 аат тыл #

Туох эмэ үрдэлэ, үрдүк бүүрүгэ

Нууччалыы Часть чего-л., образующая верхний выступ

  • "Тоҕо, өлбөппүн! -- Кэбис, тахсыыһыбын", - диэн [Чүөчээски] ойбон модьоҕотуттан илиитинэн тутуста.
    Суорун Омоллоон
  • Ыраах, көҕөрүмтүйэн көстөр өрүс модьоҕо мыраанын кэтэҕиттэн этиҥ былыта өрө күүрэн тахсан иһэрэ.
    Н. Якутскай
  • Кыһын Алдан өрүһүн модьоҕо хайатыгар бултуу кэлбиттэрэ
    ХС

3 аат тыл #

Көмүлүөк оһох холумтана

Нууччалыы Шесток камелька

  • Бобо кууһан киллэрэн буор оһох модьоҕотугар бырахта. Саха нар. ыр. II. Модьоҕо иннигэр ийэтэ эмээхсин оҕо этэрбэһин тигэн кыҥастаһар.
    Суорун Омоллоон
  • Умуллубут оһох модьоҕото, төһө да үрбүтүҥ иһин, күөдьүйэн кэлиэ суоҕа. Софр. Данилов. Эмээхсин модьоҕоҕо чугаһаан -- чох тардан оһоҕостору уокка быраҕаттаан, буһаран боччугунатта
    Болот Боотур

4 аат тыл #

"Төрөөбүт-үөскээбит алаһа дьиэм" диэн суолтаҕа

Нууччалыы В значении "отчий дом"

  • Мин бэйэлээх бэйэм төрүт модьоҕобор тиийэр буолбуппун, дьонум-сэргэм, дьүөгэлэрим ортолоругар олорор, сылдьар дьолломмуппун.
    ХС
  • Эҕэрдэ эйиэхэ, мин ытык модьоҕом! Чуҥкуйа кэтэһэр, мин доҕор дьоннорум Атыллаан элэппит сирдэрэ. К. Кулиев (тылб.)

5 аат тыл #

Туох эмэ буолар кэмин саҕаланыыта, саҥа кэрдииһэ

Нууччалыы Преддверие, начало, граница чего-л

  • Биһиги билигин уус-уран айар тыл үлэтиттэн күүһэ-талаана суохтар туоруур, туоратыллар кэмнэрин модьоҕотун атыллаан эрэбит.
    П. Ойуунускай
  • Эн билигин да дьоллоох киһигин. Букатын кырдьа, буорайа иликкинэ саҥа олох модьоҕотун атыллаатыҥ
    И. Гоголев

6 аат тыл #

Туох эмэ муҥур уһуга; тиийиэхтээх кирбиитэ

Нууччалыы Последняя черта, рубеж; конец, завершение чего-л

  • Биһиги сыһыаммыт саамай тиһэх молдьоҕоҕо тиийбитин мин, кэргэннээх эҥин, үөрүйэх киһи буоларым быһыытынан билбитим.
    Далан
  • Биһиги поэт Сергей Степанович Васильевтыын -- кыргыһыы сипсиэрдээх буолагар, кини уотунан уһуутуу сытар инники модьоҕотун кэрийэ хааман, этэҥҥэ эргиллэн дойдубутугар кэллибит.
    Суорун Омоллоон
  • Капиталистическай дойдуларга биэнсийэҕэ тахсар саас модьоҕото үрдүк.
    И. Аргунов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. уйг. босуҕа, туркм. босага, кирг. босого, каракалп. босого, эвенк. босого ‘порог (в доме)’, бур. можо ‘косяк’

«М» буукуба