Перевод с якутского
кэтэс
туохтуур
Нууччалыы ждать, ожидать, выжидать кого-что-л
English to wait for, to expect, to anticipate
1 туохтуур #
Кими, тугу эрэ, туох эрэ буоларын көһүт
Нууччалыы Ждать, ожидать, выжидать кого-что-л
Сөмөлүөтү кэтэһэн олорон, Сима ийэтэ кэлэрин саныы-саныы үөрэрэ.
Н. ЛугиновАан дьиэҕэ Огдооччуйа кэтэһэн олорор эбит. А. Федоров Үлэбин бүтэрэ охсон баран, киэһэни кэтэс да кэтэс Дьүөгэ Ааныстыырап
Өссө холобурдар (2)
Кими, тугу эмэ тоһуйа күүт; баар буоларын кэтээн көр, чуҥнаа. Θ Поджидать, подстерегать кого-л. наблюдать за кем-л. Кэлэр дуу, кэлбэт дуу хаастары Кэтэһэн, кумахха тоҥобун. Күннүк Уурастыырап Ийэм бандьыыттары түннүгүнэн кэтэһэ барар Н. Заболоцкай
2 этии #
Нууччалыы Из него выйдет толк (хороший, незаурядный человек, о подростке, юноше)
Этиилэр
Илиитин-атаҕын кэтэс (кэтээ) - 1) көр илии-атах
Киһи кэтэһэр киһитэ - улааттаҕына, ситтэҕинэ үтүө киһи буолуо (оҕону, ситэ илик эдэри чинчилээн этии) Хотой буолуох, хотой буолуох курдуга, өссө оҕо сырыттаҕына кырдьаҕастар муударай харахтара кинини -- бэлиэтии көрөннөр, "киһи кэтэһэр киһитэ буолсу" диэхтэрэ дуо. В. Иванов
Кылыытын кэтэһэр көр кылыы
Кэтэһэн-кэтэһэн кэлтэгэй буоллум - көр кэлтэгэй
Оҕолорум, ойоҕум кэтэһэн-кэтэһэн кэлтэгэй буолбуттара чахчы. И. Никифоров
Сирэй-харах кэтэс - көр сирэй-харах
[Варвара:] Баай ыалга тахсан сирэй-харах кэтэһиэхпин баҕарбаппын. С. Ефремов
3 этии #
Кэтэһэр хаамыы спорт. - дуобат, саахымат оонньуутугар утарылаһааччы бэйэтин балаһыанньатын бэйэтэ мөлтөтөрүн кэтэһэн, тула көтө сылдьан маневрдааһын Дуобат оонньуутугар нэс, охсуулаах уонна кэтэһэр диэн хаамыы үс көрүҥэ туттуллар. ПРД ДДь
Нууччалыы Выжидательный ход (в шахматах, шашках)