ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

таай

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы догадка

English to guess; guess

Ис хоһооно · 8

1 туохтуур #

Нууччалыы догадка

English to guess; guess

  • таабырыны таай
    угадай загадкуguess the riddle

2 туохтуур #

Нууччалыы предвидеть

English to anticipate

  • манна кэлиэ диэн таайабын
    чую, он сюда придётI have a feeling he'll come over here
I

3 туохтуур #

Тугу эмэ ханнык эмэ бэлиэлэринэн сирдэтэн сөптөөҕүн, ис дьиҥин быһаар, бил, таба эт

Нууччалыы Догадаться и высказать правильное предположение о чём-л. по каким-л. признакам; угадать, отгадать

  • Таабырынна таай.
  • Кэрэ санаам кэҕиннэ - Кэлэр-барар суолбун булбатым, Далай санаам татыарыйда - Тахсар-киирэр сирбин таайбатым.
    А. Софронов
  • Миитэрэй кими эмэ үтүктэн туттан-хаптан, көрөн-истэн киирэн кэллэҕинэ, дьиэҕэ олорооччулар бары таайан айдаара тоһуйаллар.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (5)
  • Суол былаһын тухары бааһырыым хайдаҕын таайа сатаабытым.
    Н. Якутскай
  • Кини хас да хонно - тиһэх күннэрэ кэлбитин таайбыта
    Н. Габышев
  • Тугунан эмэ сирдэтэн дьон санаатын сөпкө сэрэй, тугу эмэ таба эт. Θ По каким-л. признакам угадать мысль другого, догадаться о чём-л., смекнуть. "Мин өйбүнэн аатырыам суоҕа, хааннаах болотунан аатырыам, онон сөпкө да таайда", - диэн ах баран олордо.
    П. Ойуунускай
  • Тороев санаабыт санаатын таайбыт курдук Чуура эттэ: "Бу ураһа хотуна - мин... Абыраамап этэринии мин манна сарыыссабын!"
    Л. Попов
  • Ардай аһыылаахтар, бадаҕа, Ас тахсыаҕын таайдахтара
    С. Данилов

4 туохтуур #

Чахчытын билбэккэ эрэ сэрэйэн быһаар; көхсүгүнэн, сүрэххинэн сэрэй

Нууччалыы Не зная наверняка, догадаться о чём-л.; предчувствовать, понять чутьём. [Бургунаһым] айыы сүөһүтэ, баҕар, сүрэҕэ-быара таайара буолуо [мин өлөрөөрү гынарбын]

  • Түбэ нэһилиэгэр Сэпсики диэн туохха да холобура суох баай киһи баар. Быһа таайан эттэххэ, аҕыс уонча сүөһүлээх буолуо.
    Күндэ
  • Ср. бур. тааха, монг. таах, эвенк. тааг ʻгадать, отгадать, разгадатьʼ
II

5 туохтуур #

Дьай, сабыдыаллаа, содуллаах буол (ким эрэ урут оҥорбута эбэтэр эрэйдэммитэ билиҥҥи кэмҥэ дьайара)

Нууччалыы Отразиться, сказаться каким-л. образом впоследствии

  • Аҕам үйэтин тухары этигэр-хааныгар сүгэ сылдьыбыт эрэйэ-муҥа таайан, -- оронуттан кыайан турбат буолан хаалбыта.
    Эрилик Эристиин
  • Тихон дьиэтигэр тахсан кинигэ ааҕыах курдук гынан иһэн, бөлүүн хойут утуйбута, эрдэ турбута таайан, утуйан хаалла.
    Н. Босиков
  • Оҕонньоттор күнүскү сылаалара таайан, сотору үүтээн иһэ им-ньим барар
    Кыым

6 этии #

Этиилэр

Айыыта таайар көр айыы III

  • Айыылаах дууһа айыыта таайдаҕа, дэлэ дьаабыламмат буолара.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ол айыыта таайан [кыталыгы өлөрбүтэ], абааһылар кинини "улахан ыарыы" буолан киирэннэр сииллэр. Багдарыын Сүлбэ

7 этии #

Этиилэр

Өтө таайар көр өтө

  • Хомолтонон туолбут үтүөкэннээх хараҕын көрүүтүттэн кини санаатын Иванов өтө таайда.
    Амма Аччыгыйа
  • [Дьиэлээх] өтө таайда быһыылаах харааччы утаппыппын.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (7)
  • Мин санаабын өтө таайбыт курдук эмискэ эттэ.
    Н. Габышев
  • Сүрэҕэ, сүрэҕинэн (көхсө, көхсүнэн, кута-сүрэ) сэрэйэр (таайар) көр сүрэх. Кини, киэҥ тайҕа оҕото, сүрэҕинэн таайан, хараҕынан сабаҕалаан, туһаайбыт тосхолун эндэппэт эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Киһитэ тугу этэрин истибэтэр даҕаны, көмөлөс диирин сүрэҕэ таайда.
    А. Сыромятникова
  • Бу аанньанан дьааһыйбат, содуллаах тэлэгирээмэ буолуоҕун Батурин көхсүнэн таайа. ытырыктата саныы олордоҕуна, төлөпүөн кырылаан кэлбитэ.
    В. Яковлев
  • Бу икки киһи атын-атын санаалаахтарын кини [Анньыыска] көхсө таайар.
    А. Сыромятникова
  • Баҕар, холкуоһа кинини үчүгэйдик санаан, ыал буоллун, киһи буоллун диэн сүөһүлээбитин кута-сүрэ таайа санаабыта буолуо.
    М. Доҕордуурап
  • Таайбыт таайыы көр сэрэйбит сэрэх
III

8 аат тыл #

Киһиэхэ ийэтин быраата, убайа; уопсайынан ийэтин аймаҕа эр киһи

Нууччалыы Дядя (обычно брат матери; вся родня мужкого пола по материнской линии)

  • Бу Дьүлэй уустара - Платон төрөөбүт таайдара.
    Суорун Омоллоон
  • Костя уончатыгар диэри таайын аахха иитиллибит.
    П. Филиппов
  • Аркадий үөрэҕэр мөлтөөн, -- истипиэндьийэтэ суох буолан, өссө икки ый таайыгар олоорто.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • Др. -тюрк. таҕай, тюрк. таай, тай, таҕа, дайы

«Т» буукуба