Перевод с якутского
айыы
ынырыы, аат тыл, аат, даҕааһын
Нууччалыы общее название высших существ, олицетворяющих начало добра
English oh my God
Ис хоһооно · 15
1 аат тыл #
миф. Орто дойду дьонун, сүөһүтүн-аһын айбыт, кинилэргэ үтүөнү оҥорор, Үөһээ дойдуга олохтоох сырдык тыыннар үрдүк биистэр (христианскай религия таҥараларын курдуктар)
Нууччалыы Общее название высших существ, олицетворяющих начало добра (примерно соответствует христианским божествам)
Наар үчүгэйи айа, оҥоро турар, дьон аймаҕы араҥаччылыыр айыылар бааллара буолуо диэн былыргы сахаларга өйдөбүл үөскээбит. Саха фольк Мөлтөх буолан, Миигин араҥаччылыах айылаах Араас сырдык айыылары айбытым. Кинилэргэ сүгүрүйэрим, Кинилэртэн көрдөһөрүм И. Гоголев
2 аат тыл #
Үөһээ дойдуга олохтоох үрдүк биистэринэн айыллыбыт, кинилэринэн араҥаччыланар Орто дойдуга олорор бары - барыта (“үтүө”, “үтүө санаалаах” диэн өйдөбүллээх.)
Нууччалыы Все, что создано божествами, покровительствуемое ими (имеет дополнительный оттенок: “доброе", "добрая суть”). [Эркээни:] Кырыктаах батыйанан далбаатаммыт боотурдааҕар Аан дойду амарах иччитин аһатар Сиэллээх удьааны туппут Айыы киһитин мин быдан ордоробун
Айан киһитэ ааспыта буолуо, Суол киһитэ тутайбыта буолуо, Айыы амтаннаах аһына аһатыҥ, Сөлөгөйүнэн утахтааҥ, Дьулуруйар Ньургун Боотур оҕоккобун!. Ньургун Боотур. Тыый, тукаларыам, ол хотон иһиттэн айыы сүөһүтэ ханна барыай В. Яковлев Айыы санаалаах киһи. Бу тыллар буолбатах - ырыалар, Таптаабыт сүрэхтэн саҕыллар, Абылыы, долгута дуорайар Айыы хаан тып-тыыннаах ырыалар. С. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Хайа айыы санаалаах кэлэн абыраатыҥ буолла, - диэтэ оронтон дьахтар саҥата. Софр. Данилов. Маша диэн айыы майгылаах-сигилилээх эдэркээн ас таһааччы биһиги Саҥа дьыллааҕы остуолбутугар сыһыарыллыбыт С. Данилов
3 аат тыл #
Олоҥхоҕо, остуоруйаҕа сахалар, кинилэр олорор дойдулара, кинилэри өстөөх биистэртэн харыстыыр, көмүскүүр дьоннор (бухатыырдар, удаҕаннар эҥиннэр)
Нууччалыы В олоҥхо, сказках - якуты, страна якутов, их защитники от враждебных сил (богатыри, шаманки и др.)
Төһө-хачча айаннаабытын билбэтэ да, айыы сириттэн арахсан барда, күн дойдутуттан тэлэһийэн барда. Саха фольк Холлоҕос быһаҕаһын саҕа кутаа уотунан кини диэки өрө уһуутаан кэбиспитэ -- киһини хаба ортотунан кэлбитин айыы бухатыыра халбарыс гынан биэрдэ. Ньургун Боотур. Айыым кыыһа барахсан Көҥүл салгынтан көтөҕүллэн Субу куорхаан эрэрин көрөммүн, Уҥуохтуун хамсаатым, сүрэхтиин эппэйдим С. Зверев
4 аат тыл #
Дьылҕа, оҥоруу, анал
Нууччалыы Судьба, рок, участь
Эн айыыҥ инньэ, мин айыым инньэ ("биһиги дьылҕабыт, аналбыт тус-туспа, онон бииргэ сылдьар, олорор кыахпыт суох, арахсабыт" диэн ис хоһоонноох көһөр олук)
5 аат тыл #
Илэ хаампыт улахан үөр (өлөн баран дьоҥҥо илэ көстө сылдьар, ордук урууларын, чугас дьонун моһуоктуур, кыайан уоскуйбатах киһи кута)
Нууччалыы Наиболее известная и страшная душа покойника (не нашедшая успокоения и причиняющая различные беспокойства живым людям, особенно близким)
Кини өлөн баран үөр буолар. Чугас эргиннээҕи нэһилиэктэр, улуустар туой Болугур айыыта диэн ааттаан, ытыктыыллар -- айыы оҥостоллор, алгыыллар, көрдөһөллөр Саха фольк
6 даҕааһын #
суолт. Үтүө, сырдык
Нууччалыы Добрый, добросердечный
7 этии #
Нууччалыы Уйти из жизни, умереть (букв.: расстаться с божественным миром)
Этиилэр
Айыы сирин ардаҕырдан (сылдьар киһи) көр күн сирин көппөҕүрдэн (сылдьар киһи)
Айыы сириттэн араҕыс - орто дойдуттан, күн сириттэн сүт, өл Санаабын таппатаххытына, элбэх өлүү-сүтүү көтөллөөх, аан холорук аргыстаах айыы сириттэн арахсыам. “ХС”. Айыы сирэ аһаҕас (күн сирэ көҥдөй) - орто дойду киэҥ, онон ханна баҕарар барыахха, олоруохха сөп (үксүгэр атаҕастаппыт киһи атаҕастаммыт сириттэн барар кыахтааҕын туһунан этии).
Земля широка (букв.: земля добрая (добрых божеств) открыта, подсолнечный мир свободен - обычно говорят, когда терпят обиду где-либо и утешаются тем, что можно оставить это место).
Айыы сирэ аһаҕас, күн сирэ көҥдөй - Хаан өһөҕүнэн хатыспыт, Харах уутунан аалсыспыт Аат дьонун аттыттан -- Бүтэй Бүлүү өрүс хотуну Өксөйөн да көрдөҕүм. С. Зверев Киниэхэ киирэн, чэгиэн эппин сэймэктэтиэм, хара хааммын тохторуом суоҕа. Күн сирэ көҥдөй, айыы сирэ аһаҕас. В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (4)
Айыы сирэ аһаҕас, күн сирэ көҥдөй, сырыттын, - аҕам мас-таас курдук этэн кэбиспитэ. ХС Айыыта киирбит - үчүгэй майгыта киирбит, аламаҕай буолбут. Он в добром расположении духа, он в хорошем настроении. Сүөдэриҥ айыыта киирдэҕинэ сүрдээх үтүө киһи, доҕор! Амма Аччыгыйа Муҥхалаах муҥур баһылык айыыта киирдэҕинэ: - Ити тулаайахха биир сүүр балыгы ордук ойуулаан биэриҥ! - диэн көбдьүөрэр. И. Гоголев Кини [Аллахов] аргыһа -- Хатыҥ угун хантан эрэ -- өр үлэһэн булан, үҥүүтүгэр олордуммут этэ. Дьэ ол иһин айыыта итиччэ киирэн иһэр. Н. Заболоцкай
Айыыта холлор (төллөр) көр аҕынньыта холлор (төллөр)
Төһөлөөх уолаттар таҥара кыраабыт сибиинньэ халбаһытын сииллэрий? Туй-сиэ, киһи айыыта төллүөх! Н. Островскай (тылб.). Ол айыыта онон - мэлийэн, сүтэн турар (ким эрэ ханна эрэ барбытын, онтон ыла мэлийбитин эбэтэр туох эрэ сүтэн көстүбэтин дьиибэргээн этии).
Пропал без вести (говорится с оттенком удивления, когда что-л. или кто-л. был, затем куда-то ушел - исчез, потерялся и его поныне нет или что-то потерялось безвозвратно).
Кыыһа мааҕыын сарсыарда оскуолаҕа барбыта, ол айыыта онон. Н. Заболоцкай Сүөдэр ботуруонун угар халампааһын хаатын сүтэрбитэ, ол айыыта онон. “ХС”
8 этии #
Нууччалыы Весь народ; доброе племя якутов (в фольк. противопоставляется племени злых духов, абаасы)
Этиилэр
Айыы дьоно көр айыы аймаҕа
[Ойуун] унньуктаах уһун айан суолун тобулан орто дойдуга эргиллэн кэлиэр диэри айыы дьонун араҥаччылыылларыгар көрдөстө [үөһээ биистэртэн]. И. Гоголев. Айыы намыһын эргэр. - удаҕаннары, сорох көтөрдөрү ытыктаан, киэргэтэн этэр кубулуйбат эпитет.
Постоянный эпитет, украшающий и почитающий небесных красавиц-шаманок, некоторых особо почитаемых птиц.
Айыы намыһын удаҕаннардаах Арҕаһыттан тэһииннээх Ахтар айыы аймаҕын Аҕата-ийэтэ буолбуттар эбит.
П. ОйуунускайОннук чугастан кини [Чуура] ити айыы намыһын көтөрдөрүн [кыталыктары] көрө илигэ. Л. Попов
Өссө холобурдар (8)
Айыы ойууна - абааһыга кыырбат, үтүө тыыннары, айыылары эрэ кытта “бодоруһар” ойуун. Белый шаман (шаман, “общающийся” только с добрыми духами - айыы, а не злыми). Айыы ойууна - үрүҥ ойуун. Кини үөһээ үтүө санаалаах айыылартан-таҥаралартан бэйэтин дьонугар-сэргэтигэр араас көмөнү көрдөһөр. Саха сэһ. 1977. Биһиги төрдүбүт Эргис диэн айыы ойууна эбитэ үһү. Саха сэһ. II. Эллэйтэн алта уол төрүүр: Лабыҥха Сүүрүк, кини сытыы-хотуу, алгыстаах, хойут айыы ойууна буолбут. Саха сэһ. I. Айыым таҥарам! - олус сөҕөн, долгуйан, уолуйан, куттанан саҥа аллайыы (нуучча итэҕэлиттэн, саҥа аллайыытыттан киирии). Боже мой! (межд. -крайнего удивления, волнения, ужаса). [Ааныка:] О, айыым - таҥарам! Туох үлүгэрэй! Туохха-туохха тиэрдэҕин? Оо, айыым-таҥарам! Хата тыыннаах орпуппун. Болот Боотур Айыым- таҥарам, кимнээхтэр эрэ истэхтэрэ буолла! А. Сыромятникова "Айыым-таҥарам, дьэ дьэргэтэн сыт да сыт!" - диэн Буров Митя итийбит оһох үрдүгэр сэппэрээги бырахпытын кэннэ саҥа аллайда. ХС Айыы Тойон миф. - саха итэҕэлинэн, аан дойдуну, киһини-сүөһүнү, тыынар тыыннааҕы айбыт, киһиэхэ куту иҥэрбит, үөһээ халлааҥҥа олорор, бары айыылартан саамай үрдүкү, сүдү айыы. По поверью якутов, верховное существо, стоящее выше всех айыы, добрый дух, создатель мира, управляющий всей Вселенной, творчески ниспосылающий детей и оказывающий общее влияние на плодородие земли, размножению скота и т. д. (букв.: Создатель Господин). ПЭК СЯЯ. Аралы халлаан алаһалаах, Аһыныылаах санаалаах Айыы тойон аҕабыт дайдыны айарыгар -- Алыһы даа айда этэ.
Өксөкүлээх ӨлөксөйСөҕөлөөннөөх түһэхтээх, Сүөгэй айаан аартыктаах Үрүҥ айыы тойон эһэтигэр Үс төгүл өрө уунан Айах тутан алҕаата. С. Зверев Айыы Тойон таҥара - христианскай итэҕэлинэн, барыны айбыт таҥара; таҥара мөссүөнэ. Христианский бог; икона. [Варвара (таҥара диэки көрөр):] Көрдөһөбүн, Айыы Тойон таҥара, сиргэ дьоллообут икки оҕобун былдьаама, харыстаа! С. Ефремов [Онтоон (таҥаратын диэки хайыһан туран, тобуктуур):] Айбыт Айыым Тойон таҥарам, Усуус курустуоһум, иһит, быыһаа-абыраа.
КүндэАймахтарын дууһаларын Айыы Тойон таҥараттан Абырыырга көрдөстө. Күннүк Уурастыырап
Дьөһөгөй айыы көр дьөһөгөй
Сылгы сүөһү айыыһыта Дьөһөгөй айыыттан төлкөлөөх. Нор. ырыаһ. Арҕаһыттан тэһииннээх Аһыныылаах санаалаах Айыы Дьөһөгөй аймаҕа Орто улуу дойду Уруйдаах уорҕатыгар олохсуйан үөскээбит. Саха нар. ыр. II
9 аат тыл #
(“й” мурун дорҕ.). Олоҕурбут сиэри-майгыны кэһии; христианскай итэҕэл бобууларын, сиэрдэрин кэһии
Нууччалыы Поступок, нарушающий принятые запреты, обычаи-обряды, установления; поступок, нарушающий предписания, правила христианской веры, грех. [Уйбаан:] Айыы баарын да иһин, айыытааҕар күн кыһалҕата улахан
ай диэнтэн хай. аата. Историяны айыы аҥаардас “уһулуччулаах” эрэ омуктар аналлара буолбатах.
Суорун ОмоллоонБиһиги айыыларбыт ордук киэҥ дириҥ далааһыннаах буолуохтаах, киһи сүрэҕин, киһи дууһатын ордук уустук-ураннык көрдөрүөхтээх.
П. ОйуунускайЧабырҕах - саха норуотун тылынан айыытыттан биир саамай сытыы көрдөөх сатирическай формата. Саха фольк
Өссө холобурдар (5)
Үлэ, охсуһуу, тугу эмэни Дьоҥҥо туһалааҕы айыы - Ити буолар үлэһит киһини Үйэтитэр үрдүк айыы. И. Эртюков Былыр монгол сири алдьатары айыынан ааҕара. И. Федосеев Аҕам тугу көрдөһөр да, толорон иһээр, Толорботоххуна кэнэҕэс айыы буолуо Саха фольк Ыар буруйу оҥоруу, ыар буруй (хайаан да иэстэбиллээх, сэттээх-сэмэлээх). Θ Тяжкий проступок, тяжелая вина, преступление (непременно влекущее за собой наказание, расплату). Халыҥ айыы, хара буруй (өс хоһ.). Хабырылла Сүөдэркэ элбэх айыыны оҥорбут киһи, туох аанньа үһүө, дууһата далай айыыга барара биллэр. Н. Павлов [Мартыын:] Хараҥа айыыны оҥорторума, Алдьархайы тохтот, хайаан да тохтот! И. Гоголев
10 этии #
Нууччалыы Впасть в грех, согрешить, совершить какой-л. предосудительный проступок (о человеке ранее незамеченном в подобных поступках)
Этиилэр
Айыыбын тугу кистиэмий көр айыыны кистээбэккэ эттэххэ
Айыыга киир (бар) - 1) ханнык эмэ сэмэлэнэр быһыыны, кыра буруйу оҥор (урут айыыта суох киһи) "Адьас айыыга киирбэтэҕиҥ дуо?" - дириэктэр кыыһырбыта ааһан, дьиибэлээхтик күлэн ымайда. Н. Лугинов. [Баһылай:] Куһаҕан, акаары киһиттэн сылтаан киһи айыыга барара диэн ити буоллаҕа. А. Софронов; 2) көсп., кэпс. - туохха эмэ, кыратык да буоллар кыттыыны ыл (үксүгэр күл. - ооннь. дэгэттээх).
Делать что-л., участвовать в чем-л. (хотя бы в самой малой степени, часто с шутливым оттенком).
Мин бүгүн үлэлээн айыыга киирбэтим. Баһылай бултаары күнү быһа сылдьыбыт да, туохха да түбэспэтэх, айыыга киирбэтэх. Айыыгын эт - 1) таҥараны итэҕэйээччи туох айыыны оҥорбутун аҕабыыкка кэпсиир (оччоҕо айыыта “сууйуллар”). Исповедоваться. Чочуобунаны сэттэ сааһын туолан айыы этээри, сайын аҕабыыт кэлбитигэр Хачыгыр аҕатын кытта сылдьан көрбүтэ. Эрилик Эристиин Куһаҕан киҥнээх Баһылай Боппуок аҕабыыт дөйүҥү Сыҕаайап кинээс айыытын этитэр. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (12)
Таҥара иннигэр сөһүргэстээн Айыыбын этэрим. Айыым олус элбэх эбит этэ. И. Гоголев; 2) кэпс. - тылгын ылыннараары араастаан итэҕэтэ сатаа; таҥараны ахтан андаҕай. Айыыны быһа эттэххэ - этиллиэ да суоҕу кырдьыгынан туруору эттэххэ. Если говорить правду напрямик (хотя это предосудительно, но не боясь греха). Айыыны быһа эттэххэ, бу эһиги эҥин-дьүһүн буоллаххытына, хайа кэннигэ хаалар киһи баар буоллаҕына бэйэҕитигэр да үчүгэй буолуо. Д. Таас Арай, айыыны быһа эттэххэ, мин оҕом Аргунтай бардаҕына, Баргузин бириискэтин эн тыла суох ийэҥ Сотто аһынан салгыа этэ дуо? Эрилик Эристиин Айыыны кистээбэккэ эттэххэ (айыыны тугу кистэниллиэй) - ханнык эмэ сэмэлэниэн сөптөөх дьайыы оҥоһуллубута ааспытын кэннэ, ону билинэрдии, сэмэлиирдии этии. Если правду говорить (было дело - признание-откровение по истечении совершения предосудительного поступка, букв.: что греха таить). Этэриҥ сөп, ол гынан баран, манна айыыны кистээбэккэ эттэххэ, сорох эдэр дьон нухарыйан хааланнар, кырдьаҕас бастаан тугу диэбитин истибэккэ хааллылар. ХС Аны кэлэн айыыны тугу кистэниллиэй, урут обургу да соҕус боппуруостары бэйэҕэ куттала суоҕунан быһаарыы да баар буолара.
Н. ЛугиновАйыыта таайар (тардар, таарыйар) - киһи куһаҕан буоллаҕына урут оҥорбут буруйугар-айыытыгар, ол сэтигэр куһаҕан буолбут диэн этии. Расплачиваться за былые грехи, проступки. Айыылаах айыыта таайар (өс ном.). Маппыыһа эрэ Сэмэн, таҥара суох дии-дии хаһыытыыра, ол айыыта таарыйдаҕа буолуо дии саныыбын [оҕото өлүүтүгэр]. А. Софронов Күммэр мин да андаҕайан, Кириэппэстэри ыларым. Кэнники ол айыым таайан, Кэлэрэ кэмсинии ыара. С. Данилов Ханнык айыым таайан бу айылаах хара сорго хаптардамый?
Суорун ОмоллоонАйыыта туолар - урут оҥорбут буруйа-сэмэтэ ситэн, ол сэтигэр улаханнык тэмтэрийэр, куһаҕан буолар. Настало время расплаты (букв.: переполнились его прегрешения - так думают, если кто-л. безнаказанно делал предосудительные проступки и затем начинает терпеть всякие мытарства). Халахай Аана -- диэн эмээхсиҥҥэ эйигин дьукаах анаабыттар. Айыыта туолбут киһи дьукаахтаһар дууһата үһү. М. Доҕордуурап [Суоттуга] тиийиэх диэтэххэ, Уһун мусхааттаах суол буоллаҕа. Ардыгар саныыгын, быһатын эттэххэ, “Айыым бу туоллаҕа”. С. Васильев Үтүмэни умсарбыта, айыыта-харата туоллаҕа. А. Сыромятникова Тэҥн.: айыыта таайар; үтэһэтэ туолар. Айыыны этии - 1) таҥараны итэҕэйээччи, таҥара иннигэр буруйун аҕабыыкка кэпсээн “айыытын сууйуута”. Исповедь. Мин туох киһим туһунан эттэххэ, мин романтическай соҕустук айыыбын этиибин эн биирдэ хайыы-үйэ истэн турардааххын. Э. Войнич (тылб.); 2) кими эмэ туохха эрэ итэҕэтэ сатааһын, таҥаранан андаҕайыы. Клятва, убеждение именем бога (склоняя кого-л. к чему-л). Ол айыытыгар - урут ханнык эмэ сэмэлэнэр, буруйданар суолу оҥорбутун иһин, итэҕэл быһыытынан, билигин таҥара накааһын көрөр. Расплачивается, мучается за свои прежние грехи (несет божье наказание). Саллар сааспар хааман сири хороппотох хотуммун. Ол айыыбар бу үлүгэр иэдэйдим. М. Доҕордуурап Атын дьон куһаҕан буолтарын сэһэн оҥостор үгэстээх этим. Ол айыыбар түбэһиннэрдэ диэх курдук. Н. Неустроев
11 #
, кэпс
Дьонноро дьиэттэн тэйиччи барыахтара диэн айыы Д. Таас
12 #
Олох букатын, туох да иннигэр
Нууччалыы Ни за что, никак, ни под каким видом. [Мөрүөн] Кэтэспэхтээн көрөн баран, төннөрүгэр тиийдэ
13 #
Ураты, дьикти
Нууччалыы Необычайно чудесно, особенно
Кыыһа чугаһаан кэллэ, тупсубута, туртайбыта айыы үлүгэр Н. Заболоцкай
14 этии #
Айыы иннигэр кэпс. - туох да иннигэр, олох (буолунуо суоҕа) Ол бэтэринээр оҕону ыҥырбытым да, айыы иннигэр кэлиэ суоҕа. “ХС”
Нууччалыы Ни за что (не согласится кто-л. на что-л.)
15 #
саҥа алл. ("й" мурун дорҕ.). Соһуйууну, дьиибэргээһини, сэмэлээһини көрдөрөр
Нууччалыы Выражает испуг, изумление, осуждение: ой! о!
Айыы, оттон тоҕо киһи суолугар туора ууран биэрбиккиний [бултуур сэби], ханан барыамый? Амма Аччыгыйа "Аата айыытын!" - диэтэ хотун сөхпүттүк. Н. Заболоцкай - Мин эмиэ, баҕар, эн курдук дьылҕалаах буолуом. - Айыы, биэбэкээм, инньэ диэмэ М. Доҕордуурап