ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сэрэх

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы догадка, предположение, гипотеза

English guess, assumption, (sciences) hypothesis

Ис хоһооно · 6
I

1 аат тыл #

Чахчытын билбэккэ эрэ сэрэйэн көрөн этии, таайыы

Нууччалыы Догадка, предположение, гипотеза

  • Нууччалыы хоһооннорго билбэт тыллара үгүс буолаллар да, ол аһаҕас аҥхалааттары Микиитэ бэйэтин сэрэҕинэн дэхсилээн өйдүүр.
    Амма Аччыгыйа
  • Оччолорго Эллэй Боотуру кыргыс дуу, татаар дуу омук эбитэ буолуо диэн сэрэх эрэ буолара үһү
    БСИ ЛНКИСО-193

2 аат тыл #

Чоочо бэйэтин сэрэҕинэн сэрэйэн, Манчаары Баһылай уматтаҕа диэн, кини ханна баарын, тугу гынарын ирдээбит. МНН

3 этии #

Нууччалыы Не обладая точными сведениями, опираясь на толки и догадки, наугад (напр., делать что-л.)

Этиилэр

Сэрэйбит сэрэх көр сэрэй

  • "Ол иһин, сэрэйбит сэрэх, кини мантан матыа суохтаах!” – Микиитэни көрө түһээт Охоноос, быалаан баран арҕаһыгар иилинэ сылдьар сүүнэ үтүлүктэринэн өттүгүн охсунан кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Бүөтүр бөрө суолун көрөөт: "Сэрэйбит сэрэх, тыаны саҕатынан батыһа сылдьар эбит", – дии санаата.
    Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (1)
  • Ол иһин да, сэрэйбит сэрэх, эрбэх үрдүгэр сэттэтэ дэгэйэр кыыс оҕо кылааннааҕа сылдьар быһыылаах.
    М. Доҕордуурап

Сэрэх хоту

чахчытын билбэт эрээри таайан, сэрэйэн көрөн, быһа холоон (хол.

  • , тугу эмэ гын) Сэрэх хоту кэпсии сылдьыма, тоойуом.
  • Мин, ыйыттаҕына даҕаны, манна олорон сэрэх хоту туох диэхпиний, үөрүүнэн сөбүлэһиэм этэ буоллаҕа дии. Софр. Данилов. Муҥханы түһэриэххэ син этэ, ол гынан баран сэрэх хоту быраҕар эмиэ сатаммат. Доҕордоһуу т
II

4 аат тыл #

ан эмэ эрдэттэн дьаарханыы, кэтэнии-мананыы; сэрэнэ санааһын

Нууччалыы Опасение, осмотрительность; осторожность

  • Таҥара сэрэҕи сөбүлүүр (өс хоһ.). Тоҥон ыксаан иһэр буолан, туох да сэрэҕэ суох ыал тэлгэһэтин иһигэр киирэн, манна бандьыыттар баалларын дьэ өйдөөн, биирдэ "бабат" диир.
    Н. Якутскай
  • Аккын манна аҕалан сүөрэ тардыы гына баай, сэрэх хаһан да куһаҕаны оҥорбот.
    Ф. Постников
  • Сэрэҕин сүтэрбит ньиэмэһи хаптатан баран ботугураата: – "Биир эбилиннэ, манан бүппэккит буоллар"
    Н. Заболоцкай

5 даҕааһын #

суолт. Ордук сэрэнимтиэ; сэргэх, кутталы, сыыһаны эрдэттэн өйдүүр

Нууччалыы Особо осторожный, осмотрительный; чуткий, опасливый

  • Сэрэх, наҕыл Киргиэлэй быһа-хото тыллаах-өстөөх убайыттан улаханнык дьулайар.
    Амма Аччыгыйа
  • Андаатар сэрэх кыыл, ол иһин умсар, ханан тахсарын муннарар, буор уйатын кистиир дииллэр.
    Далан
  • Кырдьаҕас дьон сэрэх, көрсүө соҕус буолуохтаахтар эбээт!
    Н. Заболоцкай

6 этии #

Нууччалыы Очень осторожно, с величайшими предосторожностями

Этиилэр

Бэрт (улахан) сэрэҕинэн

олус сэрэхтээхтик, сэрэниин-сэрэнэн Бэрт сэрэҕинэн табаҕын уматан баран, испиискэтин кэннигэр элиттэ.

  • Кинилэр бэрт сэрэҕинэн аппаны-дьаппаны аахтаран көрөн, оргууй уһуннардылар.
    М. Доҕордуурап
  • Отучча киһини талан, бэрт түргэнник тэринэн, улахан сэрэҕинэн, өстөөх тыылыгар тахсыбыппыт. И. Сосин

«С» буукуба