Сир быта - 1) бэрт сэмэй, лоп бааччы, бүгүрү үлэһит киһи (кыра уҥуохтаах икиһи туһунан). Θ Аккуратный и работящий человек, который в то же время мал ростом; работяга. “Сир быта” диэн ааттыыллара эйигин, Кыйма кымырдаҕаска холууллара эйигин ... Барҕа быччыҥнаах үлэ киһитэ, Өркөн өйдөөх үлэ киһитэ. Софр. Данилов; 2) киэҥ билиилээх, барыны бары билэр киһи. Θ Человек, осведомленный во всем. Сир быта киһи билэн эттэҕэ буолуо. СГФ СКТ. Аргыһах, сир быта, итини билэр. Күннүк Уурастыырап; 3) саҥата-иҥэтэ, иҥэ-дьаҥа суох киһи. Θ Молчаливый и тихонравный человек. Бытым да бытыгыраабата - аһаабыт да саҕа буолбатым, олох топпотум. Θ Совсем не наелся. Аһаттылар да, бытым да бытыгыраабата.НАГ ЯРФС