Перевод с якутского
быта
аат тыл
Нууччалыы корневище (корни) кровохлебки лекарственной
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Ымыйах силиргэҕэ
Нууччалыы Корневище (корни) кровохлебки лекарственной (черноголовника)
Күтэр Чыычааҕар аһын куһаҕанын, туой быта өттүн хомуйан сиэтэн испит.
Суорун ОмоллоонНьырбачаан сонугар үргээбит отоно өр буолбатаҕа, хата буор холомоттон булбут бытата балачча өр барбыта. Далан Бытаны кутуйах сиир, өссө хаһаанар, онон сороҕор кинини бытаһыт диибит Багдарыын Сүлбэ
2 аат тыл #
көр ымыйах. Ымыйаҕы өссө ымыйа, быта диэн ааттыыбыт. Багдарыын Сүлбэ
3 этии #
Нууччалыы Вздребезги
Этиилэр
Быта от көр ымыйах
Түүрэр түөрт моҕой сыап быата, Быта от курдук быһыта барбыта. Эллэй. Фашист сэриитин Баһын хампарытан, Чиккэйэр сиһин үөһүн Чэрдээх илиигинэн Быта оттуу Быһыта сынньыс. С. Васильев
4 аат тыл #
Кыыл хорооно (үксүгэр саһыл туһунан)
Нууччалыы Нора зверей (обычно лисья)
Кыһыл саһыл бытатын иһиттэн быгыалыыр үһү да, хаһан да тахсыбат үһү (тааб.: тыл). Кыыллар бары түүн эрэ хороонноруттан, быталарыттан тахсан сүүрэллэрин билэбин. Н. Якутскай “Быта диэн тугуй?” - диибин. Самсонович онно этэр: “Быта диэн хороон. Саһыл хорооно” Багдарыын Сүлбэ