ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

таракаан

аат тыл

Нууччалыы таракан.

аат тыл

Кугастыҥы эбэтэр харатыҥы килбэлдьигэс дьүһүннээх, уһун хамсыы сылдьар муостардаах дьиэҕэ үөскүүр үөн-көйүүр

Нууччалыы Таракан. "Тоҕус былас ураа лаҥкыр муостаах улуу дойду оҕуһабын" диэччи таайыллыыта - таракаан буолан хаалар. Амма Аччыгыйа. Таракаан муоһун курдук өрө кыырайбыт куп-кугас уорсунун икки уһугун имэрийтэлээн кэбистэ. Л. Попов. Таракааны суох гыныы сүнньүнэн дьиэни, ордук куукунаны уонна остолобуойу куруук ыраастык тутуунан ситиһиллэр. РВА ДьЫКВ

«Т» буукуба