ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сырҕан

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы долго не заживающая застарелая рана

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Хастанан кэлэ турар, оһон биэрбэт эргэ баас

Нууччалыы Долго не заживающая застарелая рана

  • Ат сырҕана ньылбырыйбыт.
  • Хайа, нокоо, сырҕаҥҥын тарбатаайаҕын (өс ном.). Сырҕаннаах сырҕанын хастаама (өс хоһ.)

2 аат тыл #

Оспот аһыы

Нууччалыы Незаживающая душевная рана

  • Өллөрбүн көҥсүүм! Сырыттарбын сырҕаным! Быдан бырастыыларыҥ, биэбэйдэриэм!
    Суорун Омоллоон
  • Ол былыр-былыргыттан биһиги нэһилиэк сиһэ буолбут сырҕан баай Доҕойук Ньукулай диэн киһи мааны оҕото.
    И. Федосеев
  • Биир түүн миигин сырҕан эһэ хаайан, аарыма улахан хатыҥҥа ыттан хоммутум.
    И. Сосин
Өссө холобурдар (2)
  • Хорсун буойун Кенигсберг туһаайыытынан сырҕан өстөөҕү букатыннаахтык тобоҕолуур кимиигэ турсубута.
    А. Данилов
  • ҮСр. казах. сыркат, каракалп. сыркау, башк. сырхау, кум. сыркъав ‘хворь, болезнь’, монг. ширха, бур. шарха ‘рана’

3 аат тыл #

харыс. т. Эһэ

Нууччалыы Медведь. Ол сырҕаннар киэптэрэ-таһаалара да ураты, соҕотох тириилэрин устатын кэмнээн көрдөххө, тоҕус уллуҥахтан итэҕэһэ суох буолар эбит. Н. Заболоцкай. [Эһэттэн] куттанабыт, саллабыт, аатын быһа эппэппит, ытыктыыбыт, сүгүрүйэбит, өйүн сөҕөбүт. Арбаҕас, арҕахтаах, сырҕан, тыатааҕы, тыа оҕонньоро, хардааччы эҥин диибит кинини. Багдарыын Сүлбэ

4 даҕааһын #

суолт. Ордук киҥнээх, уордаах, ордук адьырҕа

Нууччалыы Свирепый, лютый, озлобленный

5 этии #

Этиилэр

Сырҕан баас көр баас

  • Тапталтан, таптал уодаһыныттан Сүрэҕим сырҕан баастаммыта. Сүрэҕим хаанынан ытаабыта.
    И. Федосеев
  • Дириҥ сырҕан бааһы бэтэринээрдэр эмтииллэр. СИиТ. Ынах тириитигэр ханнык даҕаны сырҕан бааһа, иһиитэ суох, эмиийдэрэ хайыта барбатах буолуохтаах. ДьСИи. Ср. эвенк. сирган-ми ‘отощать (о медведе после спячки)’, телеут. чаарҕа, алт. чаарҕы ‘свирепый, неукротимый, ярый’

«С» буукуба