Перевод с якутского
күүс-кыах
аат тыл
Нууччалыы физическая и душевная сила, возможности кого-л. к активным действиям. [Огдооччуйа] быһыыта, тыҥата бэргээтэ
1 аат тыл #
Эт-сиин, быччыҥ, өй-санаа кыамтата, сэниэтэ
Нууччалыы Физическая и душевная сила, возможности кого-л. к активным действиям. [Огдооччуйа] быһыыта, тыҥата бэргээтэ
Болот ону көрөн аһата, мииннии түспүт киһи дии саныыр да, күүс-кыах суох. Н. Заболоцкай Кэлэктиип биир санаата, биир сыала, оннооҕор биир салгынынан тыынара киниэхэ [Мария Яковлевнаҕа] күүс-кыах, эрчим-тирэх биэрэллэрэ, биэрэллэр даҕаны ХС
2 аат тыл #
Үлэни оҥорор, толорор кыах, күүс
Нууччалыы Производительные силы, рабочая сила
Туох баар күүһү-кыаҕы барытын уҥуоргу биэрэккэ бырахпыттара. Д. Таас Тутуу былаана сыл ахсын улаатыннарыллар. Оттон күүс-кыах онно сөп түбэһиннэриллэн тэриллибэт Кыым
3 аат тыл #
Туох эмэ баар ис кыаҕа, (ресурсалара саппааһа, үбэ-баайа)
Нууччалыы Внутренние силы, трудовые ресурсы (запасы, источники чего-л.)
Өрүһүйэргэ аналлаах дьоннору хаалларан баран, туох баар күүһү-кыаҕы барытын уҥуоргу биэрэккэ бырахпыттара. Д. Таас П. Тобуруокап хоһооннорун дьоруойдара -- Ийэ дойдубут модун күүһүн-кыаҕын бөҕөргөтөр, кытаанах айылҕалаах хоту сири кэрэ тутууларынан, өлгөм үүнүүлэринэн симиир, холкуостар барҕа баайдарын хаҥатар дьоннор. Софр Данилов