ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыах

аат тыл

Нууччалыы способность

English ability, capability

Ис хоһооно · 8

1 аат тыл #

Нууччалыы способность

English ability, capability

  • кини кыаҕа бэрт
    у него большие способностиhe has great ability

2 аат тыл #

Тугу эмэ оҥорорго, ситиһэргэ сөп буолар күүс. сэниэ, эрчим

Нууччалыы Сила, возможности, необходимые для осуществления каких-л. действий

  • Күрбэ тааһы кэлэр-барар дьон суолларыттан халбарытар кыахтара суох буолан, икки өттүнэн тумнан ааһар буолбуттар.
    Н. Якутскай
  • Иккиэйэх оронтон миэхэ үөһээтэ түбэспит. Мин буоллахпына, бэйэбинээҕэр үрдүк ороҥҥо ойон тахсыахтааҕар, сиринэн да хаамар кыаҕым аҕыйаан сылдьар кэмим.
    Амма Аччыгыйа
  • "Ыарыйдым... Турар кыаҕа суох буоллум", - диэбитэ кыыстара икки хараҕын быһа симэн сытан
    ХС
Өссө холобурдар (3)
  • Тугу эмэ оҥорорго, ситиһэргэ сөп буолар күүс-уох, үп-ас, кыамта. Θ Возможность, сила, материальные средства (производственные, транспортные), необходимые для достижения какой-л. цели. Билигин архитектураҕа улуу суох, харгытааһын, кыаҕы мунньунуу кэмэ.
    Н. Лугинов
  • Былааннаабыт тиэмэлэрэ бытархайдар, установкалар кыралар, улахан эспэримиэҥҥэ кыахтара тиийбэт, үп буоллаҕына көрүллүбэт.
    В. Яковлев
  • Ити барыта сөҕүмэр элбэх үлэни, бириэмэни, сыраны, кылаабынайа, кини [художник] олоххо киллэрэригэр кыах биэрэр материальнай өйөөһүнү эрэйэр
    Эрчимэн

3 аат тыл #

Бэйэҥ бэйэҕин ииттинэр, хааччынар, тиийинэн сэнэхтик олорор дьоҕуруҥ

Нууччалыы Достаток, состоятельность, обеспеченность. [Сылгыһыт:] Ол гынан баран, Кыыра биһикки иккиэн ыал хамначчыттарабыт

  • Онон кыахпыт суоҕа дьон билиитинэн биллэр.
    Суорун Омоллоон
  • Бытааннык үөрэммитэ, тулаайах оҕоҕо кыах суох буолаахтаатаҕа.
    П. Аввакумов
  • Микулайчаан дьонноро кыах бөҕөлөр, биир кийииттэрин уһун ырбаахылаабат бэйэлээх буолуохтара дуо, ама? П. Ламутскай (тылб.)

4 аат тыл #

Тугу эмэ гынарга, оҥорорго наадалаах тоҕоос, усулуобуйа

Нууччалыы Условие, определенное обстоятельство, удобный случай, необходимые для осуществления какой-л. задачи

  • Дьонтон чугас буоллахха, сатаатахха, кыайдахха быыһанар кыах кинилэргэ баар буолуон сөп эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Инвентаризацияҕа -- райпо бырабылыанньатын, бухгалтериятын үлэлэрин дьиҥнээх туруга арыллан көстөр кыаҕа үөскээтэ.
    М. Попов
  • Эһэ көнтөрүгүн бэйэҕит билэҕит. Миинэн истэхпинэ эргиллэн, миигин сиир кыаҕа суох
    Т. Сметанин

5 аат тыл #

Дьоҕур, сатабыл, талаан

Нууччалыы Способности, дарование, талант

  • Айылҕа - киһи айар күүһүн, баҕатын, Акыаҕын саба баттыыр, тууйар күүс буолбатах. Софр. Данилов. Эрэнэбит эн талааҥҥар, кыаххар, Элбэх кэрэни өссө айыаххар.
    Болот Боотур
  • Эйиэхэ үөрэммитим буолуо Эриэккэс, дьикти ырыаҕа, (Муусукаһыт буолбатах муҥ- муон!) Этиэххэ тиийбэт тыл кыаҕа!
    Баал Хабырыыс

6 аат тыл #

Тугу эмэ гыныы кээмэйэ, муҥура

Нууччалыы Возможность, достижимость, предел досягаемости (чего-л.)

  • Харах кыаҕа ылбат маҥан тумарыкка, туох эрэ хара көстөр.
    Амма Аччыгыйа
  • Ол да буоллар Ох саа кыаҕын иһиттэн Дэлгэһэ куоппатах. Саха сэһ. I

7 этии #

Нууччалыы По мере сил и возможностей

  • Кыах баарынан - күүһүм төһө тиийэринэн, туох баар күүспүн-уохпун, дьоҕурбун ууран туран Кэлин улаатан да баран биһиги күүспүт, кыахпыт баарынан балтыбытын араҥаччылыырбыт.
    Н. Лугинов
  • Көстөкүүн билиннэ буруйун: "Сыыспыт эбиппин, доҕоруом! Билигин тугу да соруйуҥ, Кыаҕым баарынан толоруом".
    Баал Хабырыыс
  • Үлэлиэм кыах баарынан - Сүрэх этэринэн, өй күүрүүтүнэн.
    В. Саввин
Өссө холобурдар (11)
  • Кыах биэр - тугу эмэ оҥорорго көҥүллээ, усулуобуйата тэрий. Θ Разрешать, позволять, создавать условие для осуществления чего-л.; дать шанс, предоставить возможность. Суорун Омоллоон бу драмата -- В. И. Ленин уобараһын сыанаҕа айалларыгар кыах биэрдэ. Софр. Данилов. Дьиэлээх мэлдьэһэн көрдө да, кыах биэрбэтилэр.
    С. Ефремов
  • Оо, миэхэ кыах биэрдэллэр - мин сэлээнниир эр дьону саҕаларыттан ылыам этэ!
    Н. Габышев
  • Кыаҕын былдьаппыт - тугу да кыайан гыммат, оҥорбот, гына бохсуллубут. Θ Лишать кого-л. возможности действовать, двигаться, делать что-н. Бииктэр кыаҕын былдьаппыт киһилии умса туттан олорон, ботугуруур.
    Л. Попов
  • Кыаҕын былдьаппыт өстөөх балачча өр дөйүөрбүт курдук хамсаабакка сыппыта.
    Д. Таас
  • Кыахпын былдьатаммын ыксыам, Күүспүн түмүөҕүм туох баарын!
    Баал Хабырыыс
  • Кыаҕын ыл - 1) ханнык эмэ үлэни сүрүн өттүн бүтэрэн, кэмигэр үчүгэйдик ситэрэр туруктан. Θ Иметь возможность успешно завершить начатое (проделав существенный задел). Атырдьах ыйын ортотугар диэри маннык үчүгэй кураан күннэр туруохтара диэн күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр биллэрэллэр, онуоха диэри оту кыаҕын ылан хаалыахха наада.
    С. Руфов
  • Үлэһит күүс элбээн, туус собуотун аһан, тэрээһини сааскынан кыаҕын ыллылар.
    И. Никифоров
  • Бу икки-үс хонук иһигэр оту кыаҕын ылан кээһиэххэ наада. С. Ефремов; 2) кими эмэ өй-санаа өттүнэн сабырыйар буолан, бас бэриннэр. Θ Подавить подчинить кого-л. своей воле, сломить, взять кого-л. в оборот. Бииктэр маннык амньыраабыт кэмигэр, харса суох кэмигэр, кини кыаҕын ылар, тоһун тоһутар наадалааҕын Абыраамап тута өйдөөбүтэ.
    Л. Попов
  • Бу тас көрүҥүнэн бөҕө, сымара киһи - оскуола дириэктэрэ - Валерийы бастаан көрүөҕүттэн бас бэриннэрэ, кыаҕар ыла охсубута.
    Н. Габышев
  • Кыаҕын ылларбыт - утарылаһар дьоҕурун сүтэрбит, улаханнык мөлтөөбүт (хол., сылайан, ыалдьан). Θ Потерять способность сопротивляться, обессилеть (напр., из-за усталости, болезни). Эписиэр аҕылаабыт. Хаамара тыастаммыт. Кыаҕын ылларан бардаҕа дуу?
    А. Сыромятникова
  • Ордук кыаҕын ыллаттарбыт, сэмэҕэ-буруйга түбэспит киһиэхэ хайаан даҕаны өйөбүл баар буолара наада эбит. П. Ламутскай (тылб.)

8 этии #

Нууччалыы По силам кому-н. (или не по силам), в пределах (или за пределами) возможностей, доступным

  • Кыах иһинэн (таһынан) - киһи холун иһинэн (эбэтэр таһынан), кыаллара, кыаллымтыата Атом да, водород да кыра, Ракета да кыахпыт иһинэн, Оннооҕор да буолуох туох бары Айыллыа сэбиэскэй киһинэн.
    С. Тарасов
  • Ыарахан этэ... Киһи кыаҕын таһынан ыарахан кэмнэр.
    Н. Лугинов
  • Былаан диэн кыах иһинэн буолуохтаах.
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • Ис кыах - баар саппаас, туһаныллыан сөптөөх күүс-күдэх. Θ Внутренний резерв, потенциал. Ол саҕана киһиҥ дьиҥ ис кыаҕа кистэнэ сырыттаҕа.
    Н. Лугинов
  • Үлэ итэҕэһин тутатына туоратыы, үлэ дьиссипилиинэтин бөҕөргөтүү, ис кыаҕы туһаныы туһунан сүбэ-ама тэрийэллэр, онуоха кэлэктииби бүтүннүү түмэллэр. ПДН ТБКЭ. Баар ис кыахтар ситэ туһаныллыбаттар эбит диэн чахчыларга олоҕуран этэбит. "К"

«К» буукуба