ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьоҕур

аат тыл

Нууччалыы талант, дар, способность, особые природные данные

English art

Ис хоһооно · 4
I

1 аат тыл #

Тугу эмэ тупсаҕайдык оҥорорго, айарга айылҕаттан бэриллибит талаан

Нууччалыы Талант, дар, способность, особые природные данные

  • Чинчийээччи дьоҕура, син-биир худуоһунньук, поэт дьоҕурун кэриэтэ, киһи ахсын бэриллибэт. Софр. Данилов. Суруйар уонна саҥарар дьоҕурдар куруук бииргэ аргыстаспыт бэйэкэлэрэ буоллаҕа.
    Ф. Софронов
  • Ол айылҕаттан силис тардыбыт күндү бэлэҕи, ол дьоллоох дьоҕуру хайдах туһанан, туохха туттан улам сайыннаран иһэрэ дуу, төттөрү кэҕиннэрэн кэбиһэрэ дуу, киһиттэн бэйэтиттэн тутаахтааҕа өрүү саарбаҕа суох суол
    ХС

2 аат тыл #

Сатааһын, сатабыл

Нууччалыы Умение, сноровка, опыт

  • Киһи бэйэтин дьоҕуругар ордук дьүөрэлээх идэни талан ыллаҕына, ол идэтинэн үлэлээн, дьоҥҥо, уопсастыбаҕа үгүс туһаны аҕалар буоллаҕына, -- оннук киһини олоҕун суолун сөпкө булуммут киһи диэн ааттыыллар. Софр. Данилов. Кини, бэрэссэдээтэл кириэһилэтигэр олорон баран, -- сыыйа үлэһиттэри дьоҕурдарынан, билиилэринэн-көрүүлэринэн көрөн, өрө-таҥнары сыымайдааһыны уларытыыны-тэлэритиини оҥортолообута.
    С. Никифоров
  • Ыларов эмчит быһыытынан теоретическай билиитэ татым, практическай дьоҕура кыра.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Саҥа Конституция этэринэн идэни, дьарык уонна үлэ көрүҥүн бэйэ аналыгар, дьоҕуругар, идэтийбит бэлэмигэр, билиитигэр, үөрэҕэр сөп түбэһиннэрэн итиэннэ уопсастыбаннай наадыйыылары учуоттаан талан ылар быраап буолар
    ФММ ДьКС

3 аат тыл #

Тугу эмэ гынарга сөптөөх кыах

Нууччалыы Возможность, умение производить какие-л. действия

  • Уу хайа боруодаларын суурайар дьоҕура уларыйарынан сибээстээн, өрүс саҕаланар уонна түһэр сирдэрин диэки хочотун оҥоһуута уонна онно дьапталлар сөҥүүлэр тус-туспа састааптаах буолуохтаахтар.
    Г. Угаров
  • [Биһиги дойдубут] обороналанар дьоҕура өссө хаһан даҕаны бачча бөҕө, бачча эрэллээх буола илигэ. Л. Брежнев (тылб.)
II

4 #

дьоҕуран олор – хаһан да туруом суоҕа диэбиттии дьиппинийэн, олохтоохтук оҥостон олор

Нууччалыы Сидеть, показывая всем своим видом, что не намерен сдвинуться с места

  • Тэлиэгэҕэ тобус-толору арбуһу тиэйбит биир киһи дьоҕуран, куорап иннигэр олорон иһэн, -- казахтыы ыллыы иһэр эбит.
    Эрилик Эристиин
  • Елбой нойон күндү түүлээҕинэн бүрүллүбүт үрдүк өйөнүүлээх олоппоско дьоҕуран олорон утуктуур. Пьесалар-1956. Тэҥн. дьуоҕар

«ДЬ» буукуба