ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыамта

аат тыл

Нууччалыы потенциальные возможности (производственные мощности), необходимые для осуществления чего-н

1 аат тыл #

Ханнык эмэ бырайыагы олоххо киллэрэргэ, толорорго наадалаах кыах, усулуобуйа, өрүт

Нууччалыы Потенциальные возможности (производственные мощности), необходимые для осуществления чего-н

  • Бу дойду инники сайдар кэскилигэр аналлаах бырамыысыланнас, олох-дьаһах тутууларын ыытарга сөптөөх, айылҕа бэйэтин сөптөөх кыамталара баара, киһини улаханнык үөрдэр. Тумарча. Чэпчэки уонна аһылык бырамыысыланнаһы, салааларыгар норуот туттар табаардарын оҥорууга кыамталары сайыннарыы ураты хаалан иһэр. "Кыым". 2002 сыл тохсунньу ыйыгар дылы бырайыак кыамтатын баһылыахтаахпыт
    Чолбон

2 аат тыл #

тех. Хамсатааччы төһө кэриҥнээх күүһү, энергияны биэрэр кыаҕа

Нууччалыы Мощность (физическая величина, характеризующая работу, совершаемую в единицу времени)

  • Физикаҕа кыамтаны кэмниир сүрүн единицанан ватт ылыллан турар. ПАВ Ф-7. Электростанция кыамтата сүүс тыһыынча киловаттка тиийиэхтээх.
    И. Федосеев
  • Электростанциялар кыамталара аҕыс төгүл улаатта, биэс сүүс тыһыынча киловаттан орто
    ХС

«К» буукуба