Перевод с якутского
кыаммат
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы бедный, неимущий, несчастный
1 даҕааһын #
Тиийиммэт-түгэммэт, кыһалҕалаах олохтоох, дьадаҥы
Нууччалыы Бедный, неимущий, несчастный
Кыаммат дьон чэй, табах, таҥас булунаары муспут, аһаабакка-сиэбэккэ ууруммут эттэрин, арыыларын -- барытын буор босхону эрэ үрдүнэн хомуйан ылар. Н. Якутскай Кыһыллаай эрэйдээх кыаммат ыал оҕотун дьылҕата дьылҕаламмыт. Л. Попов Кыаммат кыра норуот ыраах тыа баһыгар үүрүллэн, дойду киэнэ куһаҕанын, сир киэнэ соппоҥун тутан олорор этэ
Күндэ
2 даҕааһын #
Ыарытыйар, сэниэтэ суох, бэйэтин харанар кыаҕа суох
Нууччалыы Нездоровый, хворый, слабый, физически немощный
Кыаммат кырдьаҕас даҕаны Баар буоллаҕына - Биэрдин сүбэни-аманы Үтүө тылынан. Эллэй. Миитэрэйим, мин доҕорум, Били кыаммат, сытар бэйэтэ Пионердарга тиийэн кэлбит. С. Тарасов Чэ, һыллыай, улахан-улахан баһыыба буоллун! Кырдьаҕас киһини абыраатыҥ, бэйэм соҕотоҕун адьас кыаммат суолбун оҥорон биэрдиҥ ХС Миигин кытта куоракка барсыҥ! Онно эһиги саҕа тулаайахтар, кыамматтар булан иитиллэн киһи буолбут сирдэрэ. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Истэҕин дуо, гражданка, мин кыамматтары хааччыйар салаа үлэһитэ буолбатахпын. Софр. Данилов. Сотору харчы кэлиэ, онуоха диэри арыыга, түүлээххэ, көмүскэ уонна букатын кыамматтарга иэс биэриэххэ сөп Н. Якутскай
3 аат тыл #
суолт. Бэйэтин бэйэтэ ииттинэр кыаҕа суох, тиийиммэт-түгэммэт быстар дьадаҥы киһи
Нууччалыы Крайне бедный человек, который не в состоянии обеспечить собственное содержание, бедняк