Перевод с якутского
кыан
туохтуур
Нууччалыы быть физически крепким, здоровым, легко владеть своим телом
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Илиигэр-атаххар лаппа сэниэлээх буол, кытыгырас буол, бэйэҕин чэпчэкитик туттан сырыт
Нууччалыы Быть физически крепким, здоровым, легко владеть своим телом
Ийэм ыарыйда, Кыаммат буолла, майгыта да олус сатарыйда. С. Данилов Онтуон эдэр эрдэҕинэ бэйэтин лаппа кыанар, кытыгырас эбитэ үһү. У. Нуолур Кыанар тухары дьон-сэргэ ортотугар сылдьыбыт быдан ордук Н. Кондаков
2 туохтуур #
Бэйэҥ наадаҕын (хол., аска-таҥаска) сэнэхтик хааччынар кыахтаах буол, тиийинэн олор
Нууччалыы Жить безбедно, обеспеченно, в достатке. [Онтуон:] Кэм кыанан олорор дьоннортон ходуһаларбытын, өттүктэрбитин барытын былдьаталаан ылаллар үһү
Афанасий Сидоров Ламма нэһилиэгэр бэйэтин кыанан олорор ыал кэккэтигэр киирсэр. М. Доҕордуурап Бүөтүр баай да буолбатаҕын иһин, кыанан сэнэхтик олорор эбит СЛ-8
3 туохтуур #
Тугу эмэ гынар баҕаҕын эбэтэр хайдах эмэ быһыыланыыттан тутун, тохтот, бэйэҕин кыатан
Нууччалыы Сдерживать себя, воздерживаться, держать себя в руках
Курдьаҕаҕын хомун, кыдьыккын кыан, имэҥҥин иҥэрин (өс ном.). Кытаанах да мүнүүтэлэргэ санааны түһэрбэт, бэйэни кыана туттар ордук. П. Филиппов Сиэмэх бөрөлөр оботторун кыаммакка олус аһаан баран, күнү быһа сытыган ордууларыгар сытан тахсаллар И. Данилов
4 туохтуур #
сүөл. Туттуммакка, нуорманы таһынан, олус элбэҕи ис, аһаа
Нууччалыы Есть, пить без удержу, без меры
Минньигэс бөрүөк, бэрэски диэни урут билбэтэх дьон биһиги кыана туттубуппут. С. Федотов Ким да диэки көрбөккө, көҥөммүт курдук умса туттан олорон, ыал аһын саамай күндүтүн, үчүгэйин кыанар күтүр буолан биэрдэ. Н. Заболоцкай Хаһаайка төрөөбүт күнүн бэлиэтээбиттэрэ -- онно кини эрэ лаппа холуочуйбута. Бэйэтэ бигэргэтэринэн, "үөрбүччэ элбэҕи кыанан кэбиспит үһү" Р. Баҕатаайыскай
5 туохтуур #
көр кыай 1,
6 этии #
Кыбыытын кыаммат - ыалдьан (үксүн ньиэрбэ ыарыытыгар) иигин кыайан туппат, ииктии сылдьар Онон невроз ыарыыга -- атын тус-туспа невротическай көстүүлэр: кэлэҕэйдээһин, оҕо түүҥҥү куттаныыта, өргө диэри кыбыытын кыаммата, о. д. а. киирсэллэр. ППА СЭЫа
Нууччалыы Болезненное состояние, проявляющееся в непроизвольном мочеиспускании; недержание мочи
Тукаам, хаһан кыанан үөрэниэххин оскуолаҕа талаһаҕын, бостуой убайыҥ миигин кигэрэ буолуо диэн мөҕүө. Н. Түгүнүүрэп [Кууһума:] Хата иккиэн сүрэхтээх дьон буолаҥҥыт, итиччэ кыанан олороҕут. А. Сыромятникова Бокуонньук Дьөгүөрдээн кэргэттэрин нэһилиэк харалтатыгар ылбатахха, бэйэлэрин кыанан көрүнүөхтэрэ дуо? М. Доҕордуурап