ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэлиэтэн

туохтуур

Нууччалыы быть отмеченным, замеченным по каким-л. плохим или хорошим приметам

English to register, to sign up

1 #

Болҕомтоҕо ылылын, үчүгэйинэн дуу, куһаҕанынан дуу биллэр-көстөр буол

Нууччалыы Быть отмеченным, замеченным по каким-л. плохим или хорошим приметам

  • бэлиэтээ диэнтэн бэй., атын. туһ. “Тугу, хайдах үлэлээбиккитин бэлиэтэнэн иһиҥ”, - диэтилэр бүгүн оскуолаҕа. Софр. Данилов. [Иван Иванович (кумааҕыга бэлиэтэнэ-бэлиэтэнэ):] Оо, ону баҕас улахан үөрүүнү кытта буоллаҕа дии. Төһө кэмпилиэк наада буолуой?
    С. Ефремов
  • Кутуков планшетын тобугар уурунан олорон, тэтэрээккэ тугу эрэ бэлиэтэнэр.
    Л. Попов
  • Курданарынан ыга туппут хара бинсээктэнэн, хатыҥыра ордук бэлиэтэммит, кыра киһи трибуна икки муннугуттан харбаан ылан баран, “Табаарыстаар!” - диэн күөрэччи ордоотоон кэбистэ...
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (4)
  • Кини [Кыһыллаай] кыһамньылаахтык, үчүгэйдик үөрэнэн, дьэ тоһоҕолоон бэлиэтэнэр буолбута.
    Л. Попов
  • Бэлиэтэммит тыллары сыһыаннаһар тылларын кытта устуҥ.
    ПНЕ СТ
  • Дьоллоох хорсун уолаттарбыт Софронов, Гуляев, Кобров бэлиэр бэлиэтэммиттэрин курдук, тииҥи харахха табар кыраҕы харахпытынан [фашистары] чэчэгэйдэрин тэһиэхпит.
    Суорун Омоллоон
  • Үчүгэй хайҕанан бэлиэтэнэн, куһаҕан сириллэн накаастанан иһиэх тустаах. Софр. Данилов. Ханнык эбэһээтэлистибэлэр ылыныллыбыттарын уонна кинилэр хайдах толоруллан иһэллэрин киһи барыта билэр, бастыҥнар бэлиэтэнэллэр, хаалан иһээччилэргэ көмөлөһүллэр. “Ленин с. ”

2 #

Бырааһынньык быһыытынан ыл, бырааһынньыктаа

Нууччалыы Отпраздновать как праздник, праздновать

  • Быйыл Саха сирэ Нуучча судаарыстыбатыгар холбоһуутун 350 сылын, ону кытта Саха АССР тэриллиитин 60 сылын курдук кэрэхсэбиллээх кэрэ-бэлиэ дааталар бэлиэтэнэллэр. ОГГ СМ

«Б» буукуба