ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэлиэ

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы знак, метка, отметина

English sign, mark, token

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Туох эмэ атыттартан араарыллыан сөптөөх уратыта, оннук ураты буолар көстүү, предмет

Нууччалыы Знак, метка, отметина

  • Ханна да киһи хараҕын хатыах, болҕомтотун ууруох бэлиэ баара көстүбэт.
    Н. Заболоцкай
  • Иистэнэр массыыналарга анаан оҥорор үс фазалаах двигателлэрэ хаачыстыба Судаарыстыбаннай знагынан бэлиэтэннилэр, бу предприятие бородууксуйатын бочуоттаах биэс муннук бэлиэтин ылбыт отутус көрүҥэ. “
    Кыым

2 аат тыл #

Туох эмэ баарын эбэтэр суоҕун, көстөн кэлиитин чинчитэ, сибикитэ

Нууччалыы Примета, признак, проявление чего-л

  • Коля өрүтэ сыҥсыйбахтаата. ити кини кыыһырбытын бэлиэтэ. Софр. Данилов. Бу, кини санаата уларыйыытын бастакы бэлиэтэ этэ
    И. Никифоров
  • Бэлиэ дьүһүн. Бэлиэ ойуу.
  • Уһун синньигэс кубаҕай дьахтар туох да өйгө хатанан хаалар бэлиэ тылы саҥарбат, бэрт үксү саҥарар, күлэр-салар да, утары умнуллан иһэр.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • Алдан баай көмүһүн аан бастаан булбут М. Тарабукиҥҥа тоҕо ханна эмэ бэлиэ пааматынньык суоҕуй?
    Суорун Омоллоон
  • Ыас хара баттахтаах, ыыс араҕас хааннаах, сып-сытыы харахтаах бэлиэ киһи дьыбааҥҥа тиэрэ түһэн олорор
    И. Гоголев

3 аат тыл #

Туох эмэ буолан ааспытын сүтэ илик суола-ииһэ, өйдөбүлэ

Нууччалыы Еще заметные, уловимые следы, отпечатки чего-л. [Мэхээс] сүүһүн, иэдэһин мырчыстаҕастара тайҕаҕа олорбут, бултаабыт кэмнэрин бэлиэтэ буолан дириҥник дьурааламмыттар

  • Түбэҕэ тайах сылдьыбыт бэлиэтэ элбэх.
    Т. Сметанин
  • Чаҕыл Тордоохоп кини [Сардаана] сүрэҕэр-быарыгар, өйүгэр-санаатыгар умнуллубат бэлиэни хаалларбыта
    С. Никифоров

4 даҕааһын #

суолт. Харахха быраҕыллар, биллимтиэ, көстүмтүө

Нууччалыы Заметный, приметный, бросающийся в глаза

5 этии #

Нууччалыы Подавать кому-л. о чем-л. какие-л. знаки

  • Бэлиэ биэр - илиини, атаҕы хамсатан, хараҕынан имнэнэн кимиэхэ эмэ тугу эмэ биллэр Бары сиэптэрбин дьэҥдьийдилэр уонна землянкаҕа киир диэн илиилэринэн бэлиэ биэрдилэр.
    Т. Сметанин
  • Балашов этэн бүтүүтүгэр, Наполеон эмиэ холтуунун ылан сыҥсырыйда уонна бэлиэ биэрэн, атаҕынан икки төгүл муостаны тиҥилэхтээтэ. Л. Толстой (тылб.)

«Б» буукуба