Перевод с якутского
суот
аат тыл
Нууччалыы счёт
English account; score; counting
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Нууччалыы счёт
English account; score; counting
суокка үөрэтии учиться считатьlearning to count
2 аат тыл #
Нууччалыы счёты
English abacus
суокка тарт считать на счётахuse an abacus
3 аат тыл #
, кэпс. Ахсаан ааҕыы; түмүк сууманы булаары ахсаан таһаарыы
Нууччалыы Счёт, расчёт, подсчёт
Михаил Иванович дуоска таһыгар сис туттан туран суот таһаара олорор устудьуоннарын эргиччи көрдө.
Н. ЛугиновҮчүгээйэп күүлэҕэ остуолга суот суоттуу олорор. С. Ефремов Төһөлөөх суоту суоттаан, хас формуланы өрө-таҥнары хатайдаан, бүтэһик эксээмэни мүччү түстүбүт? С. Федотов
4 этии #
Суот үлэһитэ кэпс. – тэрилтэ суоттуур салаатын үлэһитэ Биригэдьиирдэр, барыбылыанньа чилиэттэрэ, суот үлэһиттэрэ сылдьыталаатылар. В. Яковлев. Хонтуораҕа суот үлэһиттэрэ эрэ бааллар. Ходуһа х. Русск. счёт
Нууччалыы Работник бухгалтерии
5 аат тыл #
Түөрт муннуктаах араама иһинэн туора тардыллыбыт боробулуохаларга тиһиллибит хамсыы сылдьар төгүрүк туораахтардаах ахсаан ааҕарга аналлаах тэрил
Нууччалыы Счёты (приспособление для подсчёта)
Суотун туорааҕын тыаһа биир кэм лап-лаһырҕас. Софр. Данилов. Лаампа уотун иннигэр Леонид суот туорааҕын үлүһүйбүт курдук түргэн-түргэнник тардан лаһырҕатар А. Фёдоров
6 этии #
Нууччалыы Считать на счётах
Этиилэр
Суотта (суокка) тарт Ү
ахсааны суотунан суоттаа, суокка аах Киһилэрэ көппөх курдук бытархай харчыны ылан, имигэс баҕайытык ааҕан элэҥнэппитэ, суотугар тардан лаһырҕаппыта.
Кирилл Романович дьыалатын бэрийэр, сотору-сотору суокка тардар. И. Находкин Кинилэр дириэктэрдэрэ Трофимова эрэ орто эргиэн үөрэхтээҕэ, онтон атыттара суоту нэһиилэ тардар дьон. М. Попов