ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ахсаан

аат тыл

Нууччалыы число, количество

English number, quantity

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Предмет эбэтэр туох эмэ көстүү төһөтүн көрдөрөр өйдөбүл

Нууччалыы Число, количество

  • Холобур, биһиги нэһилиэк сирин сүөһү ахсаанынан түҥэттэр сыыһа, киһи ахсаанынан түҥэттэр сөп дии саныыбыт.
    Амма Аччыгыйа
  • “Биэс, алта_ _ уон биир”, - Гурьянов уон түөрт миинэҕэ дылы ааҕан баран, эстибит миинэлэр ахсааннарын сүтэрдэ.
    Т. Сметанин
  • Сопхуос табатын ахсаана билигин түөрт сүүстэн тахса тыһыынча
    Н. Якутскай

2 аат тыл #

Аахсыы, ким ылардааҕын эбэтэр биэрэрдээҕин быһаарсыы

Нууччалыы Расчет, уплата

  • Ол курдук балай өлүүгэ булларбыт буоллаҕына, сирдьитинэн да кэлиэҕин. Ахсаан буолан эрэр үһү диэни истибэтэҕэ дуо?
    А. Софронов
  • Хамнастарын ахсааныгар ылбыт бамыһыайдарынан Микиитэҕэ ырбаахы тикпиттэрэ.
    Амма Аччыгыйа
  • МТС мас эрбиир арааманы, биир көлүөһүнэй тыраахтары дуогабардаах үлэ туолуутун ахсааныгар үс хонон баран ыытар
    М. Доҕордуурап

3 этии #

Нууччалыы Очень много, безгранично много

Этиилэр

Ахсаана суох - көр ахсаана биллибэт

Ахсаана суох мас көтөрдөрө: улар, куртуйах, бочугурас, хабдьы кыһыннары-сайыннары үөрдүүр. И. Данилов. Ахсаана суох элбэх Айгыр-тэлим сэбирдэх Кэриим тыаллыын сипсиһэр Кистэлэҥ кэрэ кэпсэтиитэ, Тыынар тыына барыта манна баара. С. Зверев. Ахсаан буолбат - улахан дьыала буолбатах.

Не ахти большое дело.

  • Бу улууска былыр-былыргыттан байтаһын сүөһү сүтэрэ ахсаан буолбат этэ.
    Суорун Омоллоон
  • Ахсааҥҥа ыл - кэлэр өттүгэр наада буолуо диэн учуоттаа, бэлиэтэнэн кэбис. Взять, брать в расчет. Коляны ахсааҥҥа ыллаххына сатанар.
Өссө холобурдар (1)
  • Ити барыта түбэһиэх буолбатах буолуохтаах, онон салгыы чинчийэргэ кинилэри хайаан да ахсааҥҥа ылыахха наада. Багдарыын Сүлбэ. Үчүгэй ахсааҥҥа сырыт - бастыҥнар ортолоругар сырыт. Быть в числе передовых, лучших. Урут үлэлээбит сиригэр үчүгэй ахсааҥҥа сылдьыбыт сурахтааҕа. Софр. Данилов

4 этии #

Ахсаан аат - предмет ахсаанын эбэтэр ааҕыллар бэрээдэгин көрдөрөр саҥа чааһа Аттарыы ахсаан аат - хас да тыл ситиминэн бэриллэр аат: уон биир, сүүс уон биир. Судургу ахсаан аат - биир тылынан бэриллэр аат: икки, сүүс, тыһыынча. ЧМА СТҮөТ

Нууччалыы Имя числительное

«А» буукуба