ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чыыһыла

аат тыл

Нууччалыы понятие количества, величина, при помощи которой производится счёт, число

English number

1 аат тыл #

Ахсааны ааҕарга туттуллар кэриҥ өйдөбүлэ

Нууччалыы Понятие количества, величина, при помощи которой производится счёт, число

  • Михаил Иванович үлэтигэр ылар -- түмүктэрин бүтэһиктээхтик бэрэбиэркэлииригэр чыыһыланан бэриллибит суолталардаах ахсаан оҥорон -- аҕалар.
    Н. Лугинов
  • Чыыһылалары маннык табылыыссаҕа суруйуҥ.
    П. Филиппов
  • Алгебра сайдыытын кытта сэргэ натуральнай чыыһылалары чинчийиигэ нуучча биллиилээх математига П. Л. Чебышев улахан кылааты киллэрбитэ
    ВНЯ М-4

2 аат тыл #

Халандаарынай ый күнэ

Нууччалыы День месяца

  • Ыам ыйын ортотугар хаардаабыта, онтон 20-с чыыһылаҕа эмискэ сүүрбэ алта кыраадыстаах уот куйаас түспүтэ.
    П. Егоров
  • Оруобуна кыыһа эппит чыыһылатыгар ыалдьыбыт оҕо өлөөхтөөбүт
    ИСА

«Ч» буукуба