Перевод с якутского
түмэн
аат тыл, сыһыат, ахсаан, даҕааһын
Нууччалыы мириада
English a countless number or multitude (of specified things), a myriad
Ис хоһооно · 6
1 сыһыат #
Нууччалыы мириада
English A countless number or multitude (of specified things), a myriad
түмэн элбэх киһи очень много людейa great many people
2 аат тыл #
Ким, туох эмэ түмсүүтэ, сомоҕолоһуута
Нууччалыы Скопление, собрание, единение
Бардым өлүүлээх түмэҥҥэ Өлбөт иһин! Таллан Бүрэ. Түмэн диэн былыр "гвардия" диэҥҥэ маарынныыр суолталааҕа Сахаада Сүүс киһи түмүллэр Түмэн сүбэҕитинэн сүбэлээҥ. Д. Говоров [Бухатыырдар:] Сиик курдук Сиэлэн эрэллэр, Хаар курдук Хааман эрэллэр, Сүүс киһи түмэн Сүбэтин сүбэлээ. ТТИГ КХКК. Улуу тойон эһэм, төлөрүйбэт Түмэн дьүүлгүн таһаара оҕус! И. Гоголев
3 даҕааһын #
Биир сомоҕо, түмсүүлээх
Нууччалыы Сплочённый, хорошо организованный
4 даҕааһын #
Хараҥа, дьулаан
Нууччалыы Тёмный, страшный
Түмэн бараан Түүн ийэлэрэ Хараҥанан хаайан, Сытарынан кыһарыйан Тиийэн кэлбит.
Өксөкүлээх ӨлөксөйТүмэн хара былыттара, Түрбэлээх туос курдук Үҥкүрүйэн түһэн иһэр эбиттэр. Д. Говоров Түмэн сир түһүлгэтиттэн Төннөн тиийэр буоллахпытына, Ахтыбыппыт бэрдиттэн Араҕас ньээкэ буордаргыттан -- Сыллыа-ууруо этибит И. Эртюков
5 этии #
Нууччалыы Необъятно широкая, громадная страна, мир
Этиилэр
Түмэн дойду
фольк.
улаҕата биллибэт улахан, киэҥ дойду Түмэн дойду Түннүгэ буолбут, Биэс улуус Билгэһитэ буолбут, Сэттэ улуус Сээркээн сэһэнэ буолбут [кырдьаҕас].
Өксөкүлээх ӨлөксөйБу хайа түмэн дойду Түллэр төбөтүттэн Сүһүөҕэ биллибэт Сүргүөһүнэ эбитэй диэн Толкуй бөҕө буолла. Д. Говоров
Өссө холобурдар (1)
[Манчаары Баһылай] Түмэн дойду түҥнэстигэс дьүүлүгэр түбэһэн, түүнүктээх түрмэҕэ төлкөлөммүт. В. Протодьяконов
6 этии #
Нууччалыы Государственное собрание, парламент Республики Саха (Якутия)
Этиилэр
Ил түмэн
Саха Өрөспүүбүлүкэтин государственнай мунньаҕа, парламена Ил түмэн мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ.
ДТС, тюрк. түмэн