ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыһыынча

ахсаан, аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы слово, обозначающее число, цифру 1000, тысяча

English thousand

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

төһө ахс. аат. 1000 сыыппараны, ахсааны бэлиэтиир тыл

Нууччалыы Слово, обозначающее число, цифру 1000, тысяча

  • Сопхуос табатын ахсаана билигин түөрт сүүстэн тахса тыһыынча.
    Н. Якутскай
  • Тыһыынча тоҕус сүүс уон тоҕус сыллаахха Тыаллаахха, тымныыга, Муус күһүн, Хаардаах күн Төрөөбүт үһүбүн Биир дууһа, Биир киһи, Биир саха – Мин.
    П. Тобуруокап
  • "Өйдөөбөтүм, чэ, быһата уонча тыһыынчаҕа тиэрдэн баран, аахпатаҕым", – диир Дьэллик быыкаа тимир хамсатын оборо олорон
    Н. Заболоцкай

2 аат тыл #

суолт. Тыһыынча солкуобай

Нууччалыы Тысяча рублей

  • "Ону оҥордоххутуна оччо тыһыынча, маны бүтэрдэххитинэ бачча тыһыынча", – диэн тылларын тамаҕар быһа барбах тыһыынчанан эрэ эҥсиллэр.
    Н. Лугинов
  • "Улахан хара дьааһыкка тыһыынча түөрт мөһөөх суох этэ дуо?!" – диэн тойон кускуйан биэрэр.
    Эрилик Эристиин
  • Билигин даҕаны баай дьон эбиппит, сүүс отут сэттэ тыһыынча баар
    М. Доҕордуурап

3 даҕааһын #

суолт. Олус элбэх, ахсаана билли бэт

Нууччалыы Многочисленный, неисчислимый. [Борокуот аал] Тыһыынчанан биэрэстэни Тыынан көрбөтө, Сүүһүнэн көскө Сүүрэрин мөлтөппөтө, Эппит сиригэр иттэ, Анаабыт сиригэр аҕалла!

  • Тыһыынчанан уу таммаҕа биһигини тула күн уотугар өрө чаҕылыйан күндү таас кыырпахтарын курдук бырдаҥаластылар.
    И. Данилов
  • Тыһыынчанан киһини өлөрбүттэр уонна бааһырдыбыттар. В. Ленин (тылб.)

4 этии #

Этиилэр

Бэстилиэнэй тыһыынча көр бэстилиэнэй

  • [Макаар:] Айыы элбээтэҕинэ бэстилиэнэй тыһыынча туолуутугар амтыын кириэс төрүө диир буолаллара, ол этэллэрэ кэлэн эрдэҕэ ээ…
    А. Софронов
  • "Бэстилиэнэй тыһыынча" туолара аҕыс уонча эрэ сыл хаалла" диэн биир үөрэхтээх киһи эппит.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • Тойон таҥара! Бэлиэр бэстилиэнэй тыһыынча туолан эрэр дуо?
    М. Доҕордуурап
  • Русск. тысяча

«Т» буукуба