Перевод с якутского
уон
ахсаан
Нууччалыы десять
English ten
Ис хоһооно · 6
1 #
төһө ахс. аат
2 #
10 сыыппараны, чыыһыланы, ахсааны бэлиэтиир тыл
Нууччалыы Слово, обозначающее число, цифру
3 #
Нууччалыы Количество
Өлөксөй икки кэргэниттэн уон оҕоломмут.
Суорун Омоллоон– Отут тииҥи, Петя, Уоҥҥа үллэр эрэ. Күннүк Уурастыырап Уон дьиэ акылаата уурулунна. С. Васильев
Өссө холобурдар (2)
Эһиэхэ түөрт уон барана баар, онтон уона эрэ үлэлиир. П. Егоров // 10 ахсаан кэриҥэ
4 #
Тардыы сыһыарыыланан "уоннаах, уон саастаах" диэн суолтаҕа туттуллар
Нууччалыы В притяжательной форме употребляется в значении "десять лет кому-л., десятилетний"
Уон чаас саҕана Кэнчээрилээх оскуолаларыгар оҕо бөҕө мустар.
Суорун ОмоллоонОл кэмтэн уон сыл ааста. Олохпут барҕара сайынна. Күннүк Уурастыырап Тиит уус уон быластаах ото ходуһаҕа умайан хаалбытын туһунан бэҕэһээ киэһэ кэпсээбитэ. А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (4)
Биир саха сыл устатыгар уон буут собону сиэн наада. Б. Лунин (тылб.) Оҕолоро уонун да туола илигинэ, оҕонньордоох эмээхсин утуу-субуу өлөн хаалаллар. Н. Якутскай [Абдуркулла:] Мин сааһым уон иккибэр баран сылдьабын, оттон ити уол уона буолла. Эрилик Эристиин Олус эрдэ, уоммутугар От охсон элээрпиппит Баал Хабырыыс
5 этии #
Аҕыс уон (аҕыс) ааһар албастаах, тоҕус уон тоҕус куотар кубулҕаттаах көр аҕыс I. Аҕыс уон ааһар албастаах, тоҕус уон тоҕус куотар кубулҕаттаах абааһы кыыһа.
Нууччалыы Кривляться, ломаться (букв. десять раз меняется). [Баһыыкка – кыыһыгар:] Онтукам-мантыкам ыалдьар диэн, Уон араас буолума букатын!
Этиилэр
Биэс уон икки күлэр эмэгэт көр биэс
Биэс уон икки күлэр эмэгэт, күлүм аллай эрэ! “Кыым”.
Кылгас күн биэстэ, уһун күн уонна көр кылгас
Хоту дойду айылҕата уһун күн уонна, кылгас күн биэстэ уларыйар. “Кыым”.
Сүүһүнэн (уонунан, тыһыынчанан) ааҕыллар көр ааҕылын
[Ващенко] төрөөбүт Кириэстээҕэр сопхуос тутуутун отделын салайан, Кириэстээх, Куокуну, Бүлүүчээн, Наахара бөһүөлэктэригэр уонунан ааҕыллар производственнай, социальнай эбийиэктэри туттарбыта. “Кыым”.
ТаҮҥара уон оччону биэриэ көр таҥара
Үтүө санаалаах киһиэхэ таҥара уон оччонон биэрэрин саарбахтаабаппын. Уон араас буолар сөбүлээб. – санаата уларыйар-тэлэрийэр, кубулҕатыйар
Суорун Омоллоон– Уон араас буолума! – Ийэтэ дьэбидис гына түспүтэ. М. Попов
Өссө холобурдар (1)
Тэҥн. ол-бу буолума; эҥин араас буолума.
Уон көс
туох эмэ кэлэрэ, буолара өссө да ыраах диэн суолтаҕа туттуллар.
соотв. долгая песня (букв. десять кёс).
Хаһан кинилэр улаатыахтарыгар диэри уон көс. Онуоха диэри миигинник баҕас буору кытта буор буолаа инибин. Амма Аччыгыйа – Онуоха [улаатыахпар] диэри уон көс. – Ол уон көһүҥ сарсын кэлиэҕэ… Эппэтэҕэ диэйэҕин. Н. Босиков
Өссө холобурдар (1)
Тэҥн. тойук дьыала; ырыалаах олоҥхо.
Уон оччонон төлүө көр төлөө
Харса суох үлэлээн истэххитинэ, бэрт сотору уон оччонон төлөнүө. “Кыым”. Уон тарбах уунуута эргэр. – бэлэх-туһах.
Дар, подарок (букв. протягивание десяти пальцев).
Уон тарбах уунуутун киһи хайдах мыыныаҕай?
6 этии #
Нууччалыы В разные в стороны, вразброс
Этиилэр
Биэс уон көр биэс
Мин итиннэ сааламмытым биэс уон сыл буоллаҕа буолуо. Амма Аччыгыйа БэйэҮҥ оҕо эһэтэ буоллуҥ, Биэс уон сааскын быйыл туоллуҥ. Күннүк Уурастыырап
Уон аҥыы
араас хайысханан ыһыллан Уон киһи толкуйа Уон аҮҮҮҥыы уларыйда.
Кус -- көппүт омунугар түүтэ уон аҥыы үрэллэн, салгыҥҥа ыһыллымахтаан хаалла. Н. Заболоцкай Уол санаата аймаарыйда, Уон аҥыы алаарыйда. С. Васильев
Уон аҥыы барда
ыһылынна, үрэлиннэ.
Быть разбросанным, раскиданным.
Саха үҥэр таҥарата уон буоллаҕына
уон аҥыы барабыт.
“Кыым”.
Уон араас
олус элбэх көрүҥнээх.
Разнообразный.
Биир чиэски нэһилиэк күөх биэрэгэр Уон араас уустук массыыналар Улуу борохуокка тиэллэн кэлэннэр Кырааскалаах хайалыы кыстаннылар. С. Данилов Уон араас өҥнөрдөөх алаарар кустукпут Умайар лиэнтэлии кылбаарда. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
Болокко оскуоланы, кыһамньылаах учууталлары уонна уон араас өйдөөх кинигэлэри бука барыларын соҕотох биир киһи – кини ийэтэ солбуйара. Н. Заболоцкай
Уон кылаас үөрэхтээх
орто оскуоланы бүтэрбит.
Имеющий среднее образование, окончивший десять классов.
Уон кылаас үөрэхтээх, эдэр, доруобай киһи ама тиэхиньикэни өйдөөбөт-билбэт, сырыыны кыайан сылдьыбат бэйэлээх буолуо дуо? Софр. Данилов. Манна үс көлүөнэ үтүөлээх ыанньыксыттара олороллор: сүүс саастаах Күбэйээнэ эмээхсин, кини кыыһа Манаана уонна уон кылаас үөрэхтээх кыргыттар. И. Данилов