ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ааҕылын

Нууччалыы дни его сочтены

этии

Нууччалыы Дни его сочтены

  • аах диэнтэн атын. туһ. [Ньукулай:] Сорҕотун хойут ааҕыллыа, биһиэхэ үчүгэйдик эрэ сылдьар буоллун.
    А. Софронов
  • Вахтеровтар кинигэлэрэ ааҕыллан-ааҕыллан ким истиэххэ айылаахха барытыгар кэпсэнэн илдьирийэн хаалбыттара ыраатта.
    Амма Аччыгыйа
  • Мин туспар ааҕыллаллар Сир сибэтиэй малыыппалара.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (6)
  • Нэһилиэгэр улахан актыыбынай киһи быһыытынан ааҕыллар буолбута. А. Федоров
  • Күнэ (күнэ-дьыла) ааҕыллыбыт - олох олороро аҕыйах кэм хаалбыт, өлөрө чугаһаабыт Бэйи, чыыбырҕаан эриҥ, эһиги күҥҥүт ааҕыллан турар,-[Доргуулап] куолаһа бобуллаҥнаан ылла.
    Л. Попов
  • Күнүҥ-дьылыҥ ааҕыллан, кэнниҥ уһаан, инниҥ кылгаан, хоруоптанарыҥ чугаһаабыт.
    Суорун Омоллоон
  • Сүүһүнэн (уонунан, тыһыынчанан) ааҕыллар - саба быраҕан, быһа холоон аахтахха олус элбэх. Θ Очень много, поддается только приблизительному подсчету (букв.: исчисляется сотнями десятками, тысячами). Бу киэҥ истиэп тухары Муссерен сүүһүнэн ааҕыллар барааннара үөр-үөрүнэн төттөрү-таары кырылаан көстөллөрө.
    Эрилик Эристиин
  • Хас куораттарга, тыаларга Көмүстүү күлүмүрдүүр дыбарыастар Сүүһүнэн, тыһыынчанан ааҕыллаллар.
    С. Васильев
  • Тарбахха ааҕыллар - ахсаанынан олус аҕыйах. Θ Очень мало; чрезмерно (слишком) мало (по количеству; соотв.: по пальцам можно сосчитать). Мөкү дьоннор тарбахха ааҕыллар аҕыйахтар, үчүгэй дьоннор үтүмэн үгүстэр. Софр. Данилов. Өлөөн сэлиэнньэтэ [урут] тарбахха ааҕыллар ампаар, туруорбах уонна ураһа дьиэлэрдээҕэ. "Кыым". Уҥуоҕа (сүһүөҕэ) ааҕыллар - олус дьүдэйбит, уҥуох-тирии буолбут. Θ Исхудал настолько, что остались кожа да кости (букв.: можно сосчитать кости, суставы). Ааҕыллыбыт уҥуох-уҥуоҕа, Аччыктаан ааспыт-туорбут. "Чолбон". Тоноҕоһун сүһүөхтэрэ ааҕылла бөлтөрүһэллэр, холун хаптаҕайдара сыһыары уурталаабыт курдук сыҕарыҥнаһаллар. А. Федоров

«А» буукуба