Перевод с якутского
буһук
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы теплые знойные дни в конце лета, во время которых созревают хлеба, ягоды и т. д.
1 аат тыл #
Күһүөрү сайын үүнээйи аһа ситэн буһар ичигэс, куйаас кэмэ (үксүгэр бүтэй куйаас, түүнүн эмиэ ичигэс)
Нууччалыы Теплые знойные дни в конце лета, во время которых созревают хлеба, ягоды и т. д. (обычно при незначительной, но сплошной облачности, когда ночью также тепло)
Уһун буһук харааныттан Отон тупсан күннээччи. Күннүк Уурастыырап Күһүҥҥү буһук түүн. Ыал барыта утуйбута ырааппыт. Р. Кулаковскай Тэҥн. буһурук
2 аат тыл #
2. Күһүҥҥү мууһу үрдүнэн балыктыыр кэм
Нууччалыы Время осеннего подледного лова рыбы
Онон билигин кинилэр эрэллэрэ эрэ Харыйалаах күһүҥҥү буһугун балыга. Н. Якутскай Булчут этэ. Сынньалаҥҥа Ол туһунан саныахтааҕа, Күһүҥҥү муус буһукка Сылдьыбытын ахтыахтааҕа П. Тобуруокап Ама баччаттан балык утуйуо баара дуо, урукку дьылларга бу кэмҥэ, муус халыҥыыта “буһук балыга” диэн тууга киирэр буолара Н. Якутскай
3 даҕааһын #
суолт. Мууһу үрдүнэн бултанар
Нууччалыы Выловленный, пойманный при подледном рыболовстве