Перевод с якутского
аҕыс уон
ахсаан · этии
Нууччалыы восемьдесят
English eighty
Ис хоһооно · 4
1 #
төһө ахс. аат
Аҕыс уон солкуобай. Аҕыс уон бугулу туруорбуттар. Аҕыс уон сэбирдэхтэн тиһиллэн оҥоһуллубут кинигэтин арыйар. Н. Якутскай Бассабыык Серго аатынан холкуос Аҕыс уон ыалын Аарыма ууһа Арастаал диэммин Эллэй
2 #
80 сыыппараны, чыыһыланы, ахсааны көрдөрөр
Нууччалыы Восемьдесят
3 #
80 сааһы көрдөрөр
Нууччалыы Обозначает возраст в 80 лет (в притяж. ф.)
Оҕонньор быйыл аҕыс уона. - Оттон мин аҕыс уоммун туолуохпар диэри өлбүгэм суох, - диэн чоҥкуйа кырыарбыт курдук маҥан баттахтаах Оллоон саҥа аллайда. М. Доҕордуурап Онтон алта уоммун ааһан, Сэттэ уоммун ситэн, Аҕыс уоммун аҥаардастаан олордохпуна [ыччат дьон сааҕынаһар этилэр].
Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (1)
Биһи аҕыс уоннаах аар кырдьаҕаспыт Сергей Зверев айылҕаттан тойуксут Л. Попов
4 #
Норуот айымньытыгар, поэзияҕа, кэпсэтии тылыгар аллитерацияҕа дьүөрэлээн туттуллар, "үгүс, элбэх" диэн суолталаах
Нууччалыы В фольклорной аллитерационной поэзии и разговорном языке часто употребляется в значении неопределенного множества
Дьобуруопа диэн Тоҕус уон үйэ тухары туругурбут, Аҕыс уон үйэ тухары аатырбыт, Сэттэ уон үйэ тухары силигилээбит сир аххан баар эбит ини сэгэрдээр.
Өксөкүлээх ӨлөксөйАҕыс уон үрэх араллааннаан айгыстан, Айдааран-айманан киирэн, Аан ийэ дойду буолан, Аатырбыт-аарыгырбыт эбит. Ньургун Боотур. Тастыҥ дойду түөкүнүн Таас иэнинэн ыытаарыҥ, Аҕыс уон албастарын Арыйталыыр буолаарыҥ С. Зверев