ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

нуул

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы нуль.

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

ахс. аат

2 аат тыл #

Ханнык эмэ чыыһыланы эппит иһин, ол чыыһыла суумата уларыйбат, дьиҥнээх суолтата суох чыыһыла

Нууччалыы Нуль. Биэскэ нуулу эптэххэ биэс буолар. Аҕыстан нуулу көҕүрэт аҕыс буолар

3 аат тыл #

"0" сыыппараны, чыыһыланы, ахсааны бэлиэтиир ахсаан аат

Нууччалыы Цифровой знак "0", обозначающий число, а также в составе цифровых обозначений

  • Тэмпэрэтиирэ нуултан үөһэ-аллара хайа баҕарар уларыйыан сөп. БАН А. Нуул ханнык баҕарар истиэпэнэ нуул, единица ханнык баҕарар истиэпэнэ единица. БАН А
  • Саахымакка өрөспүүбүлүкэ икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Н. Максименко бастакы нуулун ылла
    Кыым

4 аат тыл #

суолт., спорт. Очукуота суох хаалыы, хотторуу

Нууччалыы Поражение

5 даҕааһын #

суолт., көсп. Туолката, туһата суох, кураанах, туох да суолтата суох; тугу да билбэт (киһи туһунан)

Нууччалыы Не компетентный, ничего не значащий, бестолковый (о человеке)

  • Тылгынан, этиһиигинэн бэркин, оттон дьыалаҥ буоллаҕына - нуул.
    Суорун Омоллоон
  • Уопсайынан да, Пепе бэлиитикэ чааһыгар нуул киһи этэ. В. Чичков (тылб.)

«Н» буукуба