Перевод с якутского
хампа
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы канф, канфа
Ис хоһооно · 7
1 аат тыл #
Кытайга оҥоһуллубут күөх өҥнөөх таҥас (солко эбэтэр атылаас)
Нууччалыы Канф, канфа (китайский атлас)
Хонуу барыта көҕөрөр гына солко, хампа бөҕөнөн таҥныбыт дьон дьиэ иһиттэн тоҕо анньан тахсаннар, аттарын миинитэлээбитинэн бардылар. Эрилик Эристиин [Атыыһыттар:] Кэлиҥ, чиэстээх тойоттор, Кэлиҥ, мааны-майах дьоннор! Суукур-саакыр, солко, хампа, Суунар таастар, солуур тайма, Талы-талба, бары баары Талыҥ, ылыҥ араас табаары! П. Ершов (тылб.) Саха нар. ыр. II. Барчалаах хампа таҥастаах, Баһаам элбэх арыалдьыттаах Куорат аҕа баһылыга Хотойо устан таҕыста. П. Ершов
Өссө холобурдар (1)
Хампа бэргэһэ ЯРС
2 даҕааһын #
Күөх өҥнөөх солко эбэтэр атылаас таҥастан тигиллибит
Нууччалыы Канфовый. [Суруксут] Аҕыс уон сүүстээх Аалай хампа хаалтыстаах
3 даҕааһын #
поэт. Чэлгийэ көҕөрбүт, чээлэй күөх (хол., сэбирдэх, от)
Нууччалыы Ярко-зелёный (напр., о листве)
Хаамыылаах ат Харытыгар хатыллар Хампа ньаарсын от Хамныы таҕыста.
Өксөкүлээх ӨлөксөйХагдарыйан тохтубута Хатыҥ хампа сэбирдэҕэ. И. Чаҕылҕан Хаарыан хампа лабааҕын Хамсат, хамсат, хатыҥым! С. Васильев
4 этии #
Этиилэр
Хампа күөх көр күөх I
[Хаһыҥ] Хампа күөҕү хаарыйбыта – Хагдарыйан, хампы барда. Күннүк Уурастыырап Хатыҥ чараҥ Саҕатыгар Хампа күөххэ Олорбуппут. А. Абаҕыыныскай
Өссө холобурдар (2)
[Хотой кэпсиир] Хампа күөхтээх Торҕо-солко дойдуну Тула эргийэн кэллим. С. Васильев Ср. тюрк. каҥма, камба ‘китайский шёлк’, монг. хамба ‘первосортный шёлк’
5 даҕааһын #
даҕ
Дьиэ хаҥас өттүгэр баар хампа ампаар күлүгэр тиийэн сөрүүкүү олордо. Н. Павлов Хампа буолбут сэп АаНА СТОТ
6 даҕааһын #
Олус эргэрэн, туһатыттан тахсыбыт (хол., туттар сэп-сэбиргэл, тутуу туһунан)
Нууччалыы Вышедший из употребления, ветхий, дряхлый (напр., об инструментах, строениях)
7 даҕааһын #
Наһаа кырдьыбыт, бүдүгүрбүт
Нууччалыы Старый, древний, дряхлый
Хампа ынах. ПЭК СЯЯ. Хампа эмээхсин хамыйаҕы салыыр. П. Тобуруокап Хампа киһи. ЯР С. Ср ДТС хам ‘сваливать, сбивать’